Перевод с якутского
солкуобай
аат тыл
Нууччалыы рубль.
1 аат тыл #
ССРС-ка уонна Россияҕа сүүс кэппиэйкэҕэ тэҥнээх харчы сүрүн кээмэйэ; итиччэ сыаналаах кумааҕы эбэтэр тимир харчы
Нууччалыы Рубль. Хаһан эрэ ылбыт биир солкуобайдарын Уйбаан иэстээн муҥнаата. Амма Аччыгыйа. Гиэрбэлээх бу кумааҕы солкуобайга Киһи аймах көнө көлөһүнэ иҥмитэ. С. Васильев. Быйыл кырата 2250 солкуобай барыс киириэхтээх. П. Ефремов
2 этии #
Нууччалыы Длинный рубль. [Хрях:] Эн манна ыраас салгынынан эрэ Тыына кэлбит үһүгүөн!
Уһун солкуобай кэпс., сөбүлээб. - улаханнык сыраласпакка эрэ ылыллар элбэх харчылаах хамнас Уһун солкуобайы эккирэтэн кэллиҥ ини. Манна барыбыт харчы кулуттарабыт. И. Гоголев Кистээбэккэ эттэххэ, наукаҕа талаһааччылар ортолоругар уһун солкуобайы уонна сымнаҕас кириэһилэни көрдөөччүлэр эмиэ бааллар. ХС Алмааһы көрдөөччүлэр ортолоругар уһун солкуобайы сырса кэлбит киһи баарын илэ харахпынан көрбүтүм. ДФС КК