ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

соломо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы солома.

I

1 аат тыл #

Бурдуктан туорааҕын сынньан ылбыт кэннэ хаалар умнас ото

Нууччалыы Солома. Ууга түһэн эрэр киһи соломоттон тутуһар диэн өс хоһооно баар. Г. Угаров. Быргый ойоҕунуун хотоҥҥо, муостаҕа соломо тэлгэтэн утуйар идэлээхтэр эбит. Күндэ. Дулҕаны уонна соломону кырбатан эбии аһылыкка ууруллубут. "Кыым"

2 даҕааһын #

суолт. Соломоттон оҥоһуллубут

Нууччалыы Соломенный

  • Тэллэҕэр соломо сэлээппэлээх соноон эрэр дьахтар -- аа-дьуо хааман иһэр.
    Н. Габышев
  • Дэриэбинэ уһугар турар соломо кырыыһалаах эргэ сарайга тиийэн тохтообуттара.
    ХС
  • Матарааһа - Үсоломо сөрүө. В. Гюго (тылб.)
II

3 аат тыл #

, түөлбэ. Солоҥдо

Нууччалыы Колонок. Саҥа сыа хаарга соломо, кырынаас, куттас куобах атахтарынан оһуор аспыттар. М. Доҕордуурап. Соломо кыыл кутуругун өрө туппут курдук хара төлөн оргуйа турар сирин устун баран истэ. Саха фольк. [Өймөкөөн] Тыһы кырынаас кыраһалаах, Атыыр соломо тобурахтаах. Саха нар. ыр. I

«С» буукуба