ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

солуок

аат тыл

Нууччалыы залог. [Омуннаах Уйбаан:] Ол тугу солуок тутаары гынаҕын? [Аргыс киһи:] Оттон тугу биэрэҕин?

1 аат тыл #

Тугу эмэ ыларыҥ оннугар толук хаалларар, биэрэр тугуҥ эмэ

Нууччалыы Залог. [Омуннаах Уйбаан:] Ол тугу солуок тутаары гынаҕын? [Аргыс киһи:] Оттон тугу биэрэҕин?

  • Аккын аҕал.
    Н. Неустроев
  • Иккиэммит пааспарын солуок туттаран, харчы иэс ылан көттүбүт. "Кыым". Бааһынай харчыга наадыйан баантан сууда көрдүүр, онуоха сирин солуок туттарар
    ПЭ

2 аат тыл #

Туох эмэ туһугар сиэртибэ, төлөбүр быһыытынан бэриллэр туох эмэ

Нууччалыы Что-л., приносимое в жертву ради чего-н

  • Үрүҥнэр этэрээттэрэ кинини тутан ылбыта уонна солуок быһыытынан хаайыыга бырахпыта.
    П. Филиппов
  • Күрээбиттэр дьонноруттан солуок тутан киириэхтэрин - барыта оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин.
    ХС
  • Немецкэй фашизм утары бэйэм тыыммын солуок ууран туран харса суох охсуһабын. Саллааттар с. 196 7

«С» буукуба