ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сорсуй

туохтуур

Нууччалыы становиться слабым, немощным; стареть, дряхлеть

1 туохтуур #

Кырдьан, сааһыран эбэтэр туохха эмэ баттатан, уруккугар тэҥэ суох буола мөлтөө-ахсаа, кэҕин

Нууччалыы Становиться слабым, немощным; стареть, дряхлеть

  • Кырдьар кырыыс муҥа, сорсуйар сор муҥа (тыл ном.). Сыл хонук аастаҕын ахсын киһи барахсан улам кырдьан, сорсуйан иһэр ээ.
    Н. Лугинов
  • Чолбооноп үлэ түбүгэр тэптэрэн, сааһырар, сорсуйар кэмэ субу кэлбитин өйүгэр оҕустара да илик эбээт!
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Санаарҕаа, санньый, курутуй

Нууччалыы Загрустить, упасть духом. [Сындыыс] аһыырын быыһыгар өйдөөх харахтарынан иччитин диэки эмиэ тоҕо сорсуйдуҥ, санааҕын түһэрдиҥ диэн аралдьыта сатыырдыы көрбөхтүүр

  • Соҕотохсуйуо, Сорсуйуо суох тустааххын Суруйааччы, Үрүҥ күн үрдүгэр Үйэлээҕи, кэрэни эрэ айа сатааччы!
    В. Гольдеров
  • Пунин бэркэ хараастыбыта, сорсуйбута.
    И. Тургенев
  • Ср. каракалп. шаршау ‘изнуриться, измотаться’, казах. шарша ‘уставать, утомляться, обессилеть’

«С» буукуба