Перевод с якутского
соччо
сыһыат, аат тыл, туохтуур
Нууччалыы столько же, столько
1 аат тыл #
быһ. солб. аат. Инники этиллибит ким, туох эмэ кээмэйигэр, ахсааныгар тэҥнии тутан (үксүгэр чиҥэтэн, күүһүрдэн) этэргэ туттуллар тыл
Нууччалыы Столько же, столько
Хаһан да күнү утары хаампаттар… Күнү ытыктыыллара соччо. Софр. Данилов. Төһө төгүл намтаталлар - соччо төгүл үрдүөҕүм. Төһө төгүл хараардаллар - соччо төгүл күлүмүрдүөҕүм. И. Гоголев Ыт көлө манна оччо элбэх уонна соччо суолталаах. Н. Заболоцкай [Чокуурап:] Төһө улаатабыт да, соччо элбэхтик тиэхиньикэни туһанар кыахтанабыт С. Ефремов
2 сыһыат #
суолт. Олус, наһаа буолбатах (туохт. буолб. ф-тын кытта мэлдьэх. этиилэргэ тут-лар)
Нууччалыы Не очень, не так уж (в знач. нареч. употр. с отриц. ф. гл. в отриц. оборотах)
Соччо тугу да билбэтим.
КүндэБастакы киһи адьас хамсаабат, Тыынара да соччо иһиллибэт. С. Васильев "Ити кинигэ миэхэ баар", – диэн Сокольников соччо аахайбатах курдук хардарбыта. И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Маннык уустук рифма кини [поэт] саныыр санаатын хааччахтыыра соччо биллибэт. ХС Ср. караклп. сонша ‘настолько’