ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

субуу

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы вытянутая в длину полоса, гряда скошенной травы, валок

аат тыл

Охсуллубут оту бугуллуурга, кэбиһэргэ бэлэмнээн уһун субурхай гына чөмөхтөммүтэ

Нууччалыы Вытянутая в длину полоса, гряда скошенной травы, валок

  • Бугул бөҕө бачыгырыыр, Субуу бөҕө субуллар, Быччыҥ ыллыыр, сүрэх ыллыыр, Көхтөөх үлэ, айхаллан!
    И. Гоголев
  • Уолаттар -- охсубут отторо олус куурбутун мунньан, субуу оҥортуу сырыттылар.
    А. Сыромятникова
  • Болокууса соһуулаах ДТ-75 тыраахтар уһун субууну батыһа сыыдам соҕустук додоһуйар
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (3)
  • суолт. субурхай диэн курдук. [Глафира] үрдүк дьулус бэйэтэ эмиэ имиллэҥнии хаампыта, субуу суһуоҕун эҥил баһыгар түһэрбитэ.
    Л. Попов
  • Өлүөнэ Үрдүк субуу мырааннарын Үрүҥ көмүс арҕастарын Саас-сарсыарда, сырдык киэһэ – Сарыал күнүм сыҥаһалыыр, Саһарҕатын уота саантыыр.
    М. Тимофеев
  • Оччотооҕу орто оскуола икки этээстээх дьиэтин иннигэр -- уһун субуу дьиэ баара. "ХС"

«С» буукуба