Перевод с якутского
сукуна
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сукно.
1 аат тыл #
Сирэй өттө сымнаҕас боолдьох курдук буолар сиэрис эбэтэр кыра сиэристээх ойуута суох хараҥа өҥнөөх бөҕө таҥас
Нууччалыы Сукно. Остуойка үрдүгэр дьаарыстанан сытар сукуналары, бэйбириэттэри туппахтаан көрүтэлиирэ. Н. Якутскай. Күөх сукуна сабыылаах остуолга -- оҕо киһи суот тардан лаһырҕата олорор. М. Доҕордуурап. Кытай солкото, сукуната дэҥҥэ кэриэтэ баар буолара. ФГЕ СТС
2 даҕааһын #
суолт. Сукунаттан оҥоһуллубут, тигиллибит
Нууччалыы Суконный
Ампаарга мааны быыһык саҕынньахтар, сукуна соннор, оһуордаах-оҕуруолаах этэрбэстэр ыйанан намылыһан тураллар. Амма Аччыгыйа Кини хара сукуна билэлээх сарыы этэрбэстээх. В. Протодьяконов Уол сиэрэй сукуна суорҕанын киэр хаһыйаат, оронугар олоро биэрдэ ХС