ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сулбу

Нууччалыы быстро, резко, энергично

Ис хоһооно · 5

1 #

сыһ

  • Эдэр киһи кумааҕыга халыҥнык сууламмыт харчыны бүрүүкэтин кэлин сиэбиттэн сулбу ойутан таһаарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Сонун ис сиэбиттэн ыраас былааты сулбу тардан ылан сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотунна.
    П. Филиппов
  • Иван үөккэ ыйанан турар сүр модьу, модороон уктаах хотууру сулбу таһыйан ылла
    Э. Соколов

2 #

Тугу эмэ оннуттан түргэнник араара охсон (араара охсоору), күүскэ

Нууччалыы Быстро, резко, энергично (отделять, срывать, вынимать)

3 #

Сүр түргэнник, түргэнник хамсанан

Нууччалыы Быстро, резким движением, рывком

  • Онуоха бөрөлөр, эмискэ сулбу ыстанабыт диэн, кутуруктарын муус хам ылан тоҥмутуттан систэрин үөһүн быһыта тыытан, өлүтэлээн хаалбыттара.
    Саха фольк
  • Ылдьаа тиэтэйбиттик оронуттан сулбу ойон турбута.
    Н. Заболоцкай
  • "Һуу, бу тугу истэбин?" – диэн дьиэлээх эмээхсин үөгүлүү түһээт, сулбу ойон турбута
    Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (3)
  • Туохха да саараабакка, тохтообокко. Θ Прямо, напрямик. Учуутал сулбу хааман кэлэн кинээстээх иннилэригэр турунан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир милииссийэ таҥастаах хатыҥыр эдэр дьахтар киирэн кэлэн остуолга сулбу ааста.
    Н. Заболоцкай
  • Биэс уруок кэнниттэн кылаас чааһыгар сылдьыбакка сулбу дьиэлээтэ
    И. Сысолятин

4 этии #

Нууччалыы Сильно, резко, заметно похудеть, исхудать за короткий срок

  • Сулбу түс кэпс. – кылгас кэмҥэ харахха быраҕыллар гына ыр, дьүдьэй Дириэктэри көмүүгэ Өлөксөөндүрэ кыыһа Аана кэлбит. Хайдах эрэ сулбу түһэн, урукку кыыс дьүһүнэ хаалбатах.
    Н. Босиков
  • Сулбу түһэн ырда-дьүдьэйдэ. Бу ыйдарга Макпаз аан бастаан олох туһунан, ол мээнэ буолбатаҕын ырытан санаата.
    ХС
  • Ньукуу бу кэлин аҕыйах хонук иһигэр хайдах эрэ эмискэ сулбу түстэ, наар сөтөллөн хахсайар, түүнүн өргө диэри утуйбакка эрэйдэнэн эргийэр-урбайар. А. Кривошапкин (тылб.)

5 этии #

Нууччалыы Спадать, сползать (напр., штаны)

  • Сулбу түс кэпс. – 1) сатаан тутуллубакка аллара диэки түс, сулбуруй (ким эмэ кэтэ сылдьар таҥаһа, хол., ыстаана) Хааһах саҕа хайыттыбыт хара ыстаана сулбу түспүт, кулуһуну холбуу тутан кур оҥостубут.
    Эрилик Эристиин
  • Кини букатын даҕаны бэстилиэтэ суох эбит, ыстаана сулбу түһэрин уҥа илиитинэн тутан испит. Т. Сметанин; 2) түргэнник, дьулуруччу бар. Θ Помчаться, понестись. [Таня] ат сулбу түһэн дьулуруччу хааман бардаҕына, тэһиинин холкутатар.
    Л. Попов
  • Хайатын бу курдук тыа устун айаннаан иһиэхпитий, айан суолугар киирэн сулбу түһэн хаалыаҕыҥ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Улаан иннин диэки сулбу түһэн кэбистэ. Н. Заболоцкай

«С» буукуба