ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суор

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы ворона; ворон

English crow, raven

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы ворона; ворон

English crow, raven

  • суор оҕото — суор
    дитя вороны — воронаthe child of a crow is a crow
  • суор суорун хараҕын оҥмот
    ворон ворону глаз не выклюетa raven will not peck out another's eye
I

2 туохтуур #

Тугу эмэ үрүт араҥатын хастыы кэрт эбэтэр устунан элийэ кэрт, оннук кэрдэн тугу эмэ оҥор

Нууччалыы Тесать, обтёсывать

  • Мин күн тура-тура хайаны сууһарабын, Хайыр тааһы суоран Тутабын эн оскуолаҕын.
    С. Данилов
  • Александрдаах суорбут дүлүҥнэрэ боротуока хааһын үрдүгэр силии курдук кылбаһан сыталлар.
    М. Доҕордуурап
  • Икки уол уһун дүлүҥү суоран болуот эрдиитин бэлэмнээбиттэр.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. алт. тоор ‘тесать’, ДТС йон ‘строгать, тесать’, тув. чонар ‘тесать’, монг. зорох ‘строгать, обстругивать’
II

3 аат тыл #

Барынан бары аһылыктанар килбэлдьигэс хара дьүһүннээх улахан көтөр

Нууччалыы Ворон. Быһах угун кыстыбат, суор хараҕын оҥсубат (өс хоһ.). Арай хара суор халаахтаан ылара Өлүктэри булбут үөрүүтүттэн. Дьуон Дьаҥылы. Тыаҕа суордар элбээбит буоллахтарына, бөрөлөр кэлбиттэрин бэлиэтэ, элбэх суор – ол үөр бөрө баарын туоһулуур. "ХС"

4 этии #

Нууччалыы Человек, который мало спит, рано встаёт (букв. человек, который съел глаз ворона)

Этиилэр

Суор хараҕын сиэбит (киһи)

аҕыйахтык утуйар, эрдэһит киһи Утуйбатын оҕото баар ээ!

  • Суор хараҕын сиэбит киһи диэн дьэ кини.
    С. Федотов
  • Мэхээлэ оҕонньор уута суоҕунан, эрдэһитинэн суор хараҕын сиэбит киһинэн аатырар.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Хата бу суор хараҕын сиэбит оҕонньор буолла. Номнуо уһуктан дурдатыгар иһэр. "Кыым"

5 этии #

Суор тумса хотуур эргэр. – тосту соҕустук умса өҕүллэр синньигэс төбөлөөх хотуур Атаһым Хабырыыс оҕонньор былыргы суор тумса хотуурун оҥорон-оҥорон, сэрэнээр диэн сэрэтэн-сэрэтэн миэхэ уларсыбыта. Э. Соколов. Оҕонньор ырааһыйа үүнүүлээх көп отун субу аҕай тапталлыбыт сытыы суор тумса хотуурунан тэлэ солоон уҥуоргу кытыыга тахсар. "ХС".

Нууччалыы Коса с резко изогнутым тонким концом

Этиилэр

Суор хара

суор курдук хара.

Чёрный как ворон; вороной.

  • Бэрт үгүс киһи саҥата үөмэлэһэ түстүлэр да, ыйдааҕы тиит күлүгүн курдук тоҕус суор хара дьон кэлэн үөмэлэһэ түстүлэр. Ньургун Боотур. Бу соторутааҕыга диэри ол күтүр суор хара ахсым ата субу ибили тэпсээри үрдүбэр батыгырайан кэлэрин -- түһээммин уолуйан уһуктарым. Софр. Данилов. Суор хара солооһун Солотуу бурдук Солколоох долгунун Субутуо курдук. Эллэй. Суор холото эргэр. – туох эмэ халыҥын кээмэйэ: биир тутуму кытта эрбэх уһуна, уон биэс сэнтимиэтир кэриҥэ. Мера длины у якутов, равная высоте кулака и поставленного торчком большого пальца, примерно пятнадцати см. Быйыл саас биһиги биир сиргэ хаһыыга сылдьыбыт сылгыны өлөрбүппүт, хаһата суор холото буолбута.
    С. Васильев
  • Эриэхэҕэ уойбут эһэ кырата икки-үс илии, улахана – суор холото халыҥнаах тас сыаланар. ПАК АаТХ. Аппыт эмиһэ сүрдээх. Таһа суор холотун кэриҥэ баар быһыылаах.
    ХС

Суор эт

бүлгүн быччыҥа.

Дельтовидная мышца. Ср. монг. сойр, бур.

  • һойр, башк. һуйыр ‘глухарь’, казах. суйар ‘тетерев’, калм. сөөр ‘глухарь’

«С» буукуба