Перевод с якутского
суоһаа
туохтуур
Нууччалыы обдавать теплом, жаром, греть, обогревать, жечь
1 туохтуур #
Суоскунан билин, хаарый, улаханнык итит (уоту, туох эмэ итиини этэргэ)
Нууччалыы Обдавать теплом, жаром, греть, обогревать, жечь (о чём-л. горячем)
Ити күл угуту Таҕайар кэриэтэ, Көхсүбэр күн уотун Сылама суоһаата. Баал Хабырыыс Кустуров итиинэн суоһуур билиитэ оһох диэки хаамта. Н. Габышев Күн халлаан оройуттан кутаа уотунан суоһуур Тумарча
2 туохтуур #
Буолаары гын, тирээ, чугаһаа (туох эмэ кутталлааҕы этэргэ)
Нууччалыы Угрожать, надвигаться, нависать (о предстоящей опасности)
Кыһынын тоҥуулаан ол дойду кэмчи маһын бараабыттара. Хоргуйан өлүү суоһаабыта. Далан Өстөөх биһиги ытык сирдэрбитигэр киирдэр киирэн иһэрэ, Москваҕа суоһаабыта. Н. Кондаков Ырбыт, күүһэ-уоҕа эстибит кыыл куттал суоһаатаҕына ханна куотаахтыай?! И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Ср. алт. сууза, ДТС сувса, кирг. сууса ‘хотеть пить, испытывать жажду’