Перевод с якутского
суруй
туохтуур
Нууччалыы изображать на бумаге или ином материале какие-л. знаки (буквы, цифры и т. п.), писать
English to write
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Кумааҕыга эбэтэр атын туохха эмэ ханнык эмэ бэлиэлэри (буукубалары, сыыппаралары о. д. а.) оҥор
Нууччалыы Изображать на бумаге или ином материале какие-л. знаки (буквы, цифры и т. п.), писать
Кууһума ликпууҥҥа үөрэнэн, сахалыы ааҕар, суруйар, сыыппараны билэр этэ. А. Софронов Суруйан бадаалата олорор харандааһын талыр гына бырахта. Амма Аччыгыйа Туох да оппот буоллаҕына – Нуул диэни суруйабыт Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
Суругунан туох эмэ тиэкиһи оҥор, кумааҕыга түһэр
Нууччалыы Составлять какой-л. письменный текст
Аҕаҕар сурукта суруйаар эрэ.
КүндэМаасаа, тукаам, ыл кинээскэ бырысыанньабын суруйан кулу. М. Доҕордуурап [Казаков:] Мэ, хата бу кумааҕыга бачча көмүһү ыллым диэн араспыыската суруй С. Ефремов
3 туохтуур #
Суругунан эбэтэр бэчээтинэн тугу эмэ биллэр, иһитиннэр (үһүс сирэйгэ тут-лар)
Нууччалыы Сообщать о чём-л. письменно (употр. в третьем лице). [Ньукулай оҕонньор:] (уот иннигэр самыытын ититэ олорон, суругу көрөр)
Тугу суруйар баҕайылара буолла?
Күндэ[Егор Егорович:] Чэ, аах эрэ, тугу суруйаллар эбит. С. Ефремов Бастаан манна куорат онно да суоҕа, ол эрээри хаһыаттар бу сиргэ саҥа куорат тутуллуо диэн суруйаллара И. Данилов
4 туохтуур #
Тылынан айымньыта айан кумааҕыга түһэр
Нууччалыы Сочинять, создавать какое-л. словесное произведение
Саха норуотун бастакы ырыаһыта-тойуксута Өксөкүлээх Өлөксөй -- "Өрүс бэлэхтэрэ" диэн поэма суруйбута.
Суорун ОмоллоонДьонугар-сэргэтигэр хайдахтаах истиҥ хоһооннору суруйбутун сөхтүм. С. Федотов Сэрииттэн кэлэн баран элбэх уочаркалары суруйан хаһыакка, сурунаалга бэчээттэттэ Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Муусуканан айымньыта ай. Θ Сочинять, создавать музыкальное произведение. [Таатта мэлэдьиистэрэ] үгүс саҥа мелодиялары суруйбуттара. Айымньылаах ү
5 туохтуур #
Кыраасканан ойуулаан ай, уруһуйдаа
Нууччалыы Создавать произведение живописи
Оҥортообут эскиистэрбин туһанан, мин сэрии кэнниттэн "Сэбиэскэй бартыһааннар" диэн улахан хартыынаны суруйбутум. М. Ефимов Оҕотун түөһүгэр хам кууһан Олорор эдэркээн ийэни Худуоһунньук имигэс киистэтэ Холуста ньууругар суруйбут. Эрчимэн. Мин худуоһунньук идэлээх эбитим буоллар, үчүгэй да хартыынаны суруйуохпун сөп эбит ХС
6 туохтуур #
Туох эмэ испииһэгэр киллэр, ким-туох эмэ ахсааныгар аах
Нууччалыы Внести в какой-л. список, включить в состав кого-чего-л., записать. [Кириисэ:] Эһигини, бэйэбит дьоннорбут диэммит, ол бэйэбит тэрийэр холкуоспутугар суруйаары таарыйдыбыт
Көлө эттиири итиэннэ киһи биэрэри дьиэнэн сылдьан суруйарга уураахтаабыттар. И. Никифоров [Вера:] Мин драматическай куруһуокка эйигин суруйуом С. Ефремов
7 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ туох эмэ докумуонун толорон биэр
Нууччалыы Выписать, оформить для кого-л. какой-л. документ
Суруйан биэрбит эмтэрэ үтүөрдэр чинчитэ суоҕа, ыарыытын тииһигин мүлүрүтэрэ эрэ. Софр. Данилов. [Солко:] Бэрэссэдээтэл харчыны, бородууктаны абаанса быһыытынан суруйан биэрэр С. Ефремов
8 туохтуур #
Туох эмэ иэнигэр сурааһынна тарт, сурааһынна хааллар
Нууччалыы Провести линию, черту на чем-л., по чему-л
Кыһын тайҕа тыа быыһынан Туус маҥан тоҥуу хаары Мин сыарҕам ыллыгынан Мас тиэйэн суруйарым. П. Тобуруокап Оҕонньор кыыныттан быһаҕын ылан хотуур тимирин устатын тухары суруйа тардар. Н. Якутскай Сулустаах халлааны суруйан Сурулаан түстэ сындыыс Баал Хабырыыс
9 этии #
Нууччалыы Разделить что-л., прочертив прямую линию. [Оҕонньор] түннүк тааһын ылан хайыта суруйаат, тус-туспа араартыыр
Этиилэр
Хайа (хайыта) суруй
тугу эмэ көнө сурааһынынан икки аҥыы хайыт эбэтэр оннук көстөр гын Н.
Туобулаахап. Массыына уоттара хараҥаны хайыта суруйан бу харбыалаһан иһэллэр. ХС Чуумпуран турар күөл ньуурун андаатар хайа суруйан ааста. Я. Козак
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. зураха ‘чертить’, монг. зурах ‘рисовать, чертить; бороздить; чиркать’, чув. сыр ‘писать, проводить линию’