ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыбах

аат тыл

Нууччалыы глина или навоз, которыми обмазывают хлев, юрту, дом

English plaster

I

1 аат тыл #

Хотон, балаҕан, дьиэ сыбаныллан турар сааҕа эбэтэр буора

Нууччалыы Глина или навоз, которыми обмазывают хлев, юрту, дом

  • Балаҕан сыбаҕа кууран, кыым түстэр эрэ буруолаабытынан барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Балаҕан өтөхсүйбүт: сыбаҕа дьуххаланан түспүт, түннүктэрэ аһаҕастар.
    Н. Якутскай
  • Иччитэх балаҕан диэки көрбүтүм, им-ньим, үрдүгэр үүммүт эрбэһиннэрэ тулаайахсыйбыттыы күкээриллэн, буор сыбаҕа кубарыйан олорор
    Н. Заболоцкай

2 этии #

Нууччалыы Старая, несвежая обмазка

Этиилэр

Кур сыбах

саҥа буолбатах, өрдөөҥҥү, эргэрбит сыбах Уолаттар хотон кур сыбаҕын суллаан, чохчолуу-чохчолуу уматаллар, дьахталлар хотоннору сыбыыллар.

  • Күндэ.

Сыбах дьиэ

буорунан сыбанан оҥоһуллубут дьиэ.

Мазанка.

  • Хатыйыы талах олбуор сыыһа, буор сыбах дьиэлэр киниэхэ [тааҥкаҕа] ас буолуохтара дуо, барыларын оҕо оонньуурунуу үлтү хаамар. ДАЛ УуУоО.

Сыбах оһох

титирик дьардьамаҕа ис-тас өттүттэн туой буору сыбаан оҥоһуллубут саха оһоҕо.

Деревянный камин с короткой прямой выходной трубой, обмазанный изнутри и снаружи глиной.

  • Күөдэл-наадал таҥастаах ороҥҥо Маайака таҥаһы бүрүнэн сытар, атах ороҥҥо Макаар оҕонньор сытар, холумтаҥҥа чаанньык, сыбах оһох уоттаах.
    А. Софронов
  • Сыбах оһоҕун кэннин хараҥата субу таҥнары харбыахха айылаах барыҥныыр, сарбаҥныыр, холлоҕосторо, баҕаналара күлгэри уорҕатын курдук килбэлдьийэр.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. уйг. сувак, туркм. суваг, алт. шыбак ‘штукатурка’
II

3 аат тыл #

Мас умнаһа

Нууччалыы Ствол дерева. (Холобур)

  • Ср. карач. -балк. сабакъ, башк. һабак, кирг. сабах, ног. сабак ‘стебель’

«С» буукуба