Перевод с якутского
сылбый
туохтуур
Нууччалыы двигаться легко и плавно
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Тыы сылбыйа устар. Ыт үөмэн сылбыйда. Сэниэтэ суоҕунан сылбыйа сиэлэн испит табалара айаннарын эбэн биэрэллэр, сааскы суол устун быалыы уунаҥнаһаллар. ИИА КК
2 туохтуур #
Чэпчэкитик уонна биир тэҥ наҕыллык сыҕарый; тыаһа-ууһа суох сыыйылла уһун
Нууччалыы Двигаться легко и плавно; бесшумно скользить
3 туохтуур #
Ыран, көтөхтөрөн аһара синньээн, субураан көһүн (хол., сүөһүнү, кыылы-сүөлү этэргэ)
Нууччалыы Становиться худым, плоским от истощения (напр., о скоте, животных)
Оҕолорун эмиийдээн дэлби көтөхтөрбүт, сылбыйбыт түөрт харахтаах күөрт ыт, буруйдаммыттыы уолаттар сирэйдэрин-харахтарын кылап-халап көрөрө. Далан [Оҕустара] тас көрүҥүттэн көрдөххө, туох да буолбатах, бааһа хаана-сиинэ суох эбит, арай агдата үллэн, иһэ эпсэри тардан, көрүҥэ сылбыйбыт ПАК АаТХ
4 туохтуур #
сөбүлээб. Биллибэтинэн, биллибэт-көстүбэт курдук сырыт
Нууччалыы Ходить тайком, крадучись
Сыалыһар буолан сылбыйан, Сордоҥ буолан сургуйан Сатабылын эрэ булан, Салыҥмынан ньылбырыйан Ол айдаантан быыһанным, Оччугуйтан эрэ хааллым. П. Тобуруокап Дьахтар кыыс үөрэнэр сиригэр сылбыйан тиийэн, кинилэр уолларын иирдэрин туһунан этэн-тыынан туран, үөрэҕиттэн үүрэллэригэр модьуйар Күрүлгэн