ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылыбырас

даҕааһын

Нууччалыы быстрый, ровный, гладкий, без запинок

II

даҕааһын

Түргэн, иҥнигэһэ суох (хол., саҥа туһунан)

Нууччалыы Быстрый, ровный, гладкий, без запинок (напр., о речи)

  • сылыбыраа диэнтэн холб. туһ. Кустар кинилэр баалларын сибикилээбит курдук эмискэ өрө көтөн тахсаллар уонна ууну эргийэ көтөн сылыбыраһаллар.
    Н. Якутскай
  • Ол кэмҥэ атын хабдьылар хойуу ыарҕалар быыстарыгар түбэһиэх түһүтэлииллэр, сырсан сылыбырастылар.
    С. Дадаскинов
  • Хараҥаччылар үрдүгүнэн кураан күҥҥэ көтөллөр, ардаары гыннаҕына, алларанан, сири кырсынан көтөн сылыбыраһаллар. "Кыым"
Өссө холобурдар (2)
  • "Чугаспыт ээ мантан, киһи аҕыйахта үктэнэн тиийэр", – Маша сылыбырас сытыы саҥатынан сып гыннарда.
    В. Яковлев
  • "Хаатыҥкаҥ тоҕо маҥаный? Сахалыы үчүгэйдик билэҕин дуо? Курбутун атастаһыах эрэ, хата", – дии-дии, сылыбырас элбэх саҥалаах уол, мичээрдии-мичээрдии, Валерий курун тардыалаан көрдө
    Н. Габышев

«С» буукуба