Перевод с якутского
сымала
аат тыл
Нууччалыы смола.
1 аат тыл #
Мутукчалаах мастар салгыҥҥа тахсан хойдон кытаатар сытыы сыттаах, сыстаҥнас сүмэһиннэрэ
Нууччалыы Смола. Оҕо сылдьаммын ити бааһы тиит бэйэтин сымалатынан саба оҕунуохтуур буоларым. Софр. Данилов. Бэрдьигэс мастардаах кэрии тыа биһигини сымала сытынан көрсөр. С. Тарасов. Тииттэргэ сэнэрээт оскуолката тоҕута көппүт баастарыттан, симэһиннээх харах уутун курдук, араҕас сымала бычалыйа түстэ. Т. Сметанин
2 этии #
Нууччалыы Навязчивый, прилипчивый человек
Этиилэр
Сымала курдук киһи
тугунан эмэ сылтанан, баайсан киһиттэн арахпат, батыһа сылдьар киһи Ити оҕонньор сымала курдук киһи – олох батыһа сылдьааччы. Сымала кырбаһа эргэр. – дьиккэр, сидьиҥ киһи.
Мерзавец, негодяй.
Биһиги дойдуга сымала кырбаһа баай оҕонньоттор эһэ баһа буолан олороннор, дойду-сир үөһүгэр сир бастыҥын, ходуһа өҥүн-өлгөмүн апчарыйан баай гынан олорор этилэр.
КүндэРусск. смола