Перевод с якутского
сымнат
Нууччалыы мягко говоря, мягко выражаясь
этии
Нууччалыы Мягко говоря, мягко выражаясь
сымнаа диэнтэн дьаһ. туһ. Саатар, эн, атын киһи курдук, аһынан -- сылаас-сымнаҕас тылгынан сүрэхпин-быарбын сымнаттаҕыҥ дуу. А. Софронов Ити хаптаһыннар төбөлөрүн сылаас уунан сымнатабыт. Амма Аччыгыйа Дьахталлар сукуна курдук сымната имитиллибит таба тириититтэн кырыйан ичигэс таҥаһы тигэллэр, хара, маҥан түүлээх тириилэртэн аттаран оһуор анньаллар, киэргэтэллэр. Н. Якутскай
Этиилэр
Сымнатан эттэххэ
быһа-хото буолбакка, тарда соҕус эттэххэ Кинилэртэн сорохторо ити ыстатыйаны, сымнатан эттэххэ, сураҕын эрэ истибит этилэр.
"Кыым".
Хараххын сымнат
туох эмэ үчүгэйи, кэрэни, күүтүүлээҕи көрөн дуоһуй, астына көр.
Испытывать наслаждение, удовольствие от увиденного (приятного для глаз, для души) (букв. смягчить глаза).
Оҕоҕун көрөн хараххын сымнат. Хаҕар быһыылаах Хатыҥ дьахталлар, Ханыылаһа-ханыылаһа, Хартыына курдук, Хаамсан ханардаһан, Хараҕы сымнаттылар. Өксөкүлээх Өлөксөй