Перевод с якутского
сымыйанан
сыһыат, аат тыл
Нууччалыы намеренно искажая истину, ложно
Ис хоһооно · 4
1 сыһыат #
Чахчыны уларытан, олоҕо суоҕунан, албыннаан
Нууччалыы Намеренно искажая истину, ложно
Кирилл Васильевич кыыһы сымыйанан этэллэрин билэн, Нариччааны өссө күүскэ таптаабыта. Н. Габышев [Үчүгээйэп:] Түөкүттэр, бэйэлэрин буруйдарын сабынаары, чиэһинэй дьону сымыйанан киртитэн, ханыы оҥосто сатааччылар. С. Ефремов Хата биир эмит куһаҕан санаалаах ол үтүө бэрэссэдээтэли сымыйанан хобулаан сүгүн үлэлэппэккэ эрэйдээбэтэх. КНЗ ОО
Өссө холобурдар (1)
Сымыйанан, биирдэ сэмэлэнэ иликпин. Эрчимэн. Мин оҕонньорум төһө да ыгым уордааҕын иһин, сымыйанан, миигин биирдэ да охсубатаҕа ХС
2 сыһыат #
Кубулунан, албыннанан (хайаабыта эрэ буол)
Нууччалыы Делая вид, выдавая одно за другое
"Суох, суох! Билбэт суолбар сымыйанан билэр курдук туттуом суоҕа". Амма Аччыгыйа Болугур сымыйанан утуйбута буолан муннун тыаһатар. Н. Якутскай "Холоон ини", – дии-дии, Лука сымыйанан күлбүтэ буолла М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Сымыйанан, кини ону хантан билиэҕэй. Сымыйанан, маннык күөл балыктаах буолар дуо. Тиэтэйэн да диэн, тугу самсыы тутуохха дылы, сымыйанан
Н. Лугинов
3 аат тыл #
Этэр санаа кырдьыктааҕын туоһулуурга, бигэргэтэргэ туттуллар (кырдьыга)
Нууччалыы Употребляется при подкреплении достоверности высказываемой мысли (правда, в самом деле)
4 аат тыл #
Саҥарааччы сөбүлэспэтин, оннук буолуо суоҕа диирин күүһүрдэр
Нууччалыы Выражает усиление несогласия говорящего с содержанием высказываемой мысли