ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сытыт

Нууччалыы не использовать по назначению, гноить

I

Туһаҕа таһаарбакка таах хааллар, саба баттаа

Нууччалыы Не использовать по назначению, гноить (напр., о деньгах)

  • сытый I диэнтэн дьаһ. туһ. Түрмэҕэ сытыппыт киһи баар ини!
    Амма Аччыгыйа
  • Тоойуом, аҕаҥ сордооҕу хаайыыга сытыттылар быһыылаах. Ылан барыахтарыттан ыла таастыы сүттэ.
    Н. Якутскай
  • [Айтал:] Быһаас икки туона кэриҥэ собону тыраахтар сыарҕатыгар сытыта сыспыттара. "ХС"
Өссө холобурдар (6)
  • "Чэ, ньаҕырҕаан бүт! Уолгуттан харыстаатаххына, харчыны сытыт!" - эр киһи кыыһыран охсурҕаламмытынан, биилкэтин остуолга талыр гына бырахта.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Күҥүл, билбэт буолан, бу үлүгэр кылааты манна сытытан сытыарбыт эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Сырдатыы үлэтин Сытытан сытыаран, Маассабай үлэтин Матайдаан кэбиспит, Аппайан олорор Антыыпын Атамаан Атастаах эбиппин
    В. Чиряев
  • сытый II диэнтэн дьаһ. туһ. Сиик олус түспүтэ, эрэһиинэ саппыкы кэппэтэхпит буоллар, сытытан букатын иэдэтиэ эбит.
    Далан
  • Ардах сытытан, сиидэс ырбаахытын туома этигэр сөрүөстэн, тыбыс-тымныынан хаарыйар буолла.
    М. Доҕордуурап
  • Таҥаспын силбик сытыппыт быһыылаах. Т. Сметанин

«С» буукуба