ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сытыытык

Нууччалыы остренько, остро

Ис хоһооно · 8

1 #

сыһ

  • Сүөдэкэ оҕонньор эрдэ турсан, Сүгэтин сытыытык буруустаата.
    С. Васильев
  • Эн, маастар, быһаххын сытыытык буруустаа!
    ХС

2 #

Барыны бары хотор, сытыы буоларын курдук

Нууччалыы Остренько, остро (наточить, обработать)

3 #

Киһини хотутар курдук, тэһитэ кэйэр курдук ыарыылаахтык

Нууччалыы С большой силой, остротой, резко. [Микиитэ] охторугар баттыы түстэҕэ буолуо, хаҥас бэрбээкэйэ сытыытык дьаралыйан ыалдьар, төбөтүгэр быыстала суох чуорааннар лыҥкынаһаллар

  • Тыал сытыытык быһыта биэртэлиир, эмиэ да намырыыр.
    АС
  • Хатаннык, киһи мэйиитигэр хатанардык. Θ Пронзительно, так, чтобы резало слух (напр., свистеть). Тогойкин кыһаннаҕына итиннээҕэр өссө сытыытык иһиирэр киһи этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Түннүккэ сытыытык чыскыытаан Таһырдьа силлиэ-тыал улуйар.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Ол баран истэҕинэ - кэнниттэн бэрт сүрдээх сытыытык ат туйаҕын тыаһа чыбыгырыы түстэ
    Ньургун Боотур
  • Олус күүскэ, туймаарда (саба биэр – сыт туһунан). Θ Опьяняюще, дурманяще (распространяться – о запахе). От мүөттээх дыргыл сыта сытыытык аҥкылыйар.
    А. Фёдоров
  • Чуумпуга күн уота ордук күүскэ сырайарга, оттон сибэккилэр ордук сытыытык, минньигэстик дыргыйарга дылылар. ВЛ РБЫ. Охоноон сыппытын курдук балачча хамсаабакка сытта. Муннугар сир, сылгы киитин сыта сүр сытыытык, минньигэстик киирдэ
    ХС

4 #

Сырдыктык, чаҕылхайдык

Нууччалыы Ярко, ослепительно

  • Үрүҥнэр умаппыт отторо сытыытык сандаараннар, хаартан хараҥаны ыраахха диэри хастыы тарыйталаабыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Күлэр күн сытыытык Күөх сири убуруур.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сир-дойду үрдүнэн сытыытык Эргиччи көрөллөр сулустар
    П. Тобуруокап

5 #

Дириҥ иэйиилээхтик, тонолуппакка, тэһэ (көр)

Нууччалыы Выразительно, пронизывающе, острым цепким взглядом (смотреть)

  • Сытыытык көрбүт-истибит, хара бытыктаах эр киһи, үөрэ иһэн бордурҕатар.
    Амма Аччыгыйа
  • Миитэрэй хатыҥыр, сытыытык тэһэ көрбүт харахтаах, үгүс оҕо ортотуттан ону-маны ойута биэртэлээн саҥарар сүр сытыы, дьиэс-куос курдук оҕо. Бэс Дьарааһын. Александр хараҕын ордук сытыытык, кырыктаахтык көрбүт этэ
    М. Доҕордуурап

6 #

Олус биллэрдик, күүскэ, наһаа (баҕар, аҕын)

Нууччалыы Сильно, глубоко, остро (чувствовать)

  • Аара табахтыахтарын сытыытык тэһэ астаран баҕардылар.
    И. Гоголев
  • Хаһааҥҥытааҕар да сытыытык кэмсинии, хомойуу ыган кэллилэр.
    Н. Лугинов
  • Тоҕо эрэ дойдубун, алааспын аһара сытыытык ахтан кэлэр буоллум ээ
    Сахаада

7 #

Харса суох, хорсуннук, эрдээхтик

Нууччалыы Смело, храбро, уверенно

  • Сөдүөччүйэ чуолкайдык, сытыытык, эмсэҕэлэтэрдик эппиэттэһэн иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Саҥаны олохтооһуну утарарын холкуостаахтар сытыытык кириитикэлииллэр.
    А. Фёдоров
  • Поэзияҕа уһулуччу сытыытык киирбит, тахсыылаахтык үлэлээбит киһи - Эллэй
    СГС ӨСҮДь

8 #

Кимиилээхтик, тыҥааһыннаахтык

Нууччалыы Остро, требуя пристального внимания

  • Үлэһиттэр олохторун-дьаһахтарын усулуобуйатын боппуруостарын быһаарыы сытыытык турар. "Кыым". Хаалан иһэр хаһаайыстыбалары бастыҥнар таһымнарыгар өрө көтөҕүү эппиэттээх соруга ордук сытыытык туруоруллар. "Кыым". Театр репертуарын, драматургия тустарынан быһаччы кэпсэтиилэр хаһыаттарга сытыытык барбыттара
    ХС

«С» буукуба