ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыыйыы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы выбор, отбор

1 аат тыл #

Үчүгэйтэн үчүгэйин талан ылыы, сүүмэрдээһин

Нууччалыы Выбор, отбор

  • Дьон сыыйыылара күөн көрсөллөрө буолуо!
    И. Гоголев
  • Биэс сылга тоҕус уон биир тыһыынча хандьыдаат ССКП чилиэнигэр ылыллыбата. Бу балачча сөптөөх сыыйыы. "Кыым". Отучча сыл производство хамандыырынан эриллии манан ахан дьыала буолбатах. Ити үлэҕэ киһи сыыйыыта, сындааһыннааҕа тулуйар
    ҮҮүДь

2 даҕааһын #

суолт. Сыыйа тардыбыт курдук көнөтүк бара турар (хол., тимир суол, боробулуоха)

Нууччалыы Прямой, вытянутый в длину (напр., рельсы, проволока)

  • Онтон эмиэ чугуун уллуҥахтарынан сыыйыы тимир эриэлсэҕэ тирэнэн дьүккүйүө, үгүс тиһилик богуоннарынан өҕүллэҥнии субуллуо, куударалаах буруонан халлааны суруйуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Истибэккин дуо - ити сыыйыы тимир тиһиликтээх баҕаналар хайдах курдук дыыгынаһалларый? [Араадьыйа бастаан киирэригэр туруоруллубут баҕаналары этэр].
    С. Федотов
  • Сыыйыы боробулуоханан тиһиллэн турар остуолбалар арыт сыналыйан ытыырга, арыт быгыахтаһа-көбүөхтэһэ турарга дылы этилэр
    ХС

«С» буукуба