Перевод с якутского
сыыҥк
аат тыл
Нууччалыы сопли.
1 аат тыл #
Муннугуттан кэлэр чалахайдыҥы убаҕас
Нууччалыы Сопли. Сымыһаҕын устун Сыраана саккыраата Сыраанын эккирэтэн Сыыҥа санньылыйда. П. Ойуунускай. Кыыс илии тутуһан кириэс-мараас уураста. Ону көрөн Мааса кыыс кистээн, сыыҥын тыаһа бар гына түһэ-түһэ, күллэ. Эрилик Эристиин. Ол синиэллэрин тэллэҕинэн хааннаах сыыҥпытын сотуохпут, онон бүтүө. М. Шолохов (тылб.)
2 этии #
Нууччалыы Сопляк, молокосос
Сыыҥын соспут - ону-маны быһаарар гына ситэ улаата илик Биир сыыҥын соһо сылдьар уолга иһин дэлби үктэтэ сыһан хаалбыт. Амма Аччыгыйа Муннун сыыҥа куура илик - тугу да билэ-көрө илик олус эдэр. Θ Молодой, неопытный (букв. у него сопли в носу ещё не обсохли). "Ылан да көрүөххэ. Муннун сыыҥа куура илик уолчаан оттон, бэйи, кэһэйиэҥ", - дии саныыбын испэр. С. Никифоров Сыыҥкынан атыылаһыаҥ дуо - атыылаһар үбэ суох эрээри туоххунан ылаары гынаҕын диэн кыыһыран, мөҕүттэн этии. Θ На какие шиши собираешься покупать? "Доҕоор, ырбаахыны атыылаһыахпыт", - иччитэ дьахтарын уоскута сатаата. "Сыыҥкынан атыылаһыаҥ дуо? Оҥойор айаххар да тото-хана аһаабакка олороҥҥун, дөксө атыылаһардааххын баҕастааххын", - Уһун ырбаахы айдаарар. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС йиҥ ‘сопли’