ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыыһа

даҕааһын, аат тыл, кэнники тыл, сыһыат

Нууччалыы дорогой; маленький; бедный

English (expresses sympathy or affection) dear, little, poor

Ис хоһооно · 8

1 кэнники тыл #

Нууччалыы дорогой; маленький; бедный

English (expresses sympathy or affection) dear, little, poor

  • оҕом сыыһа
    бедное моё дитяmy little / poor child

2 кэнники тыл #

Нууччалыы несколько

English a few

  • аҕыйах бэрэбинэ сыыһа наада
    нужно несколько брёвенit needs a few logs

3 сыһыат #

Нууччалыы неверно

4 аат тыл #

Сөбө суохтук быһыыланыы, быһаарыы, толкуйдааһын

Нууччалыы Неправильность в действиях, решениях, мыслях, ошибка

  • Дьөгүөрдээн Байбал сыыһатын билиннэрэр санаалаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Киһи бэйэтин урукку сыыһатын өйдөөбүт буоллаҕына, кэлэр өттүгэр итинниги иккиһин оҥорбото биллэр
    Т. Сметанин
  • Учуутал ааны сыыһа харбаан хаалла.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)

5 даҕааһын #

суолт. Сөбө суох, алҕас

Нууччалыы Ошибочный, неверный

  • Бу улуу сүбэҕэ ким даҕаны сыыһа тылы этэн сүүс сыл усталаах-туоратыгар хара мэҥнэниэҕин, сууйуллубат-сотуллубат хара кирдэниэҕин төрүт баҕарбат эбит.
    П. Ойуунускай
  • Сыыһа дьаһалы ыыппыккыт.
    Амма Аччыгыйа
  • [Маайыс:] Эн сыыһа суолунан баран иһэҕин быһыылаах
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (3)
  • Кинилэр, быһыыта, миигин сыыһа өйдүөтүлэр ээ, ама даҕаны "бөлүһүөгүм" иһин, ханна баар таҥараны баар диэмий?
    П. Ойуунускай
  • Мин санаабар, эһиги сыыһа бараары гынаҕыт. Мантан бараҥҥыт да арыынан чалларыйар сири булуоххут суоҕа.
    Н. Якутскай
  • Мин хаһан даҕаны сыыһа эппэппин ээ
    С. Ефремов

6 сыһыат #

Сыалга таппакка, таһынан, аттынан (ыт, оҕус уо. д. а.)

Нууччалыы Не попадая в цель, мимо, невпопад

7 сыһыат #

Сөбө суохтук, сыыһатык

Нууччалыы Неправильно, неверно, ошибочно

8 этии #

Нууччалыы Не даться в руки, увернуться. – Ээ, ол дьуһуурустубаттан куотар, - биригэдьиир көх-нэм буолла. - Ол дьэ сыыһа туттарыы - кини идэтэ

  • Сыыһа туттар - эппиэттэн куотун, халбарытын
    С. Никифоров
  • Бу ымсыы, сиэмэх дьон, араас түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, сыыһа туттаран, судаарыстыба, норуот үбүн-баайын баламаттык халаан, уоран экэниэмикэҕэ охсууну оҥороллор. "Кыым". Сыыһа тутун - алҕаһаан биэр, сөбө суох быһыыны таһаар. Θ Сделать неправильный ход, допустить (совершить) ошибку, оплошать. "Аны сыыһа туттан кэбиһиэ!" - диэн дьулайа санаабытынан, Тогойкин одуулаһан олордо.
    Амма Аччыгыйа
  • Бачча үчүгэй үлэҕэ түбэһэн баран, сыыһа туттан биэрбэтэххэ табыллар.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
  • Уоруйахтар кэллэхтэринэ, мин эйигин уһугуннарыам, онно дьэ сыыһа туттумаар. ПНО. Сыыһа үктээ - сыыһаны оҥор, сыыһа быһыылан. Θ Вступить на неправильный путь, оступиться; ошибиться в чём-л. [Чолооску:] Түбэспит киһи мин бэйэм түбэһиим, сыыһа үктээн биэртим кэннэ хайыаҥый.
    Амма Аччыгыйа
  • Эдэр сааспар сыыһа үктээн, Арсены алҕас таптааммын, куруутун маннык аҥаардас сылдьыахпын санаатахпына, ыарахан.
    М. Попов
  • Ол биирдэ сыыһа үктээн оҥорбут ыар буруйун өстөөхтөрүттэн хаанын тоҕон ситиспитэ боруостуоҕар сөпкө дылы. "ХС"

«С» буукуба