Перевод с якутского
сыһыан
аат тыл
Нууччалыы отношения; отношение
English relations, relationship
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Нууччалыы отношения; отношение
English relations, relationship
доҕордуу сыһыан дружеские отношенияfriendly relations дипломатическай сыһыан дипломатические отношенияdiplomatic relations
2 аат тыл #
Туох эмэ туохха эмэ тоҕооһо, дьүөрэтэ, тугунан эмэ ситимэ эбэтэр тустаныыта
Нууччалыы Отношение к кому-чему-л., причастность к чему-л., касательство
Ол эрээри, мин санаабар, эн сыыһа быһыыланаҕын, туох да наадата, сыһыана суох суолгар кэлэн иирсэҕин. Н. Неустроев Серёжа онно тулатыгар сыһыана суох тугу эрэ олус ырааҕы, уһуну толкуйдуур курдуга.
Н. ЛугиновОнон дьыалаҕа [силиэстийэҕэ] сыһыана суохтары тохтотуллар М. Попов
3 аат тыл #
Дьон бэйэ-бэйэлэрин ыккардыларыгар эбэтэр кимиэхэ-туохха эмэ хайдах быһыылаахтара, төһө тапсаллара
Нууччалыы Взаимные отношения между кем-чем-л
Доҕордуу сыһыан. Тоҥкуруун сыһыан. Кини кэпсэтэригэр күлүгэ суох сайаҕас мичээринэн, истиҥ сыһыанынан билсибит дьонугар тута сөбүлэтэр.
Н. ЛугиновБорис Михайлович Моойторугу төбөтүттэн имэрийбитэ, Моойторук эйэҕэс сыһыаҥҥа хардаран, кутуругун сырбаҥалаппыта. И. Федосеев
Өссө холобурдар (4)
Биһиги, саха дьоно, кистэл буолбатах, оҕолорбутун кытта уол уонна кыыс, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын туһунан кэпсэтэргэ олус кыбыстааччыбыт. ЧКС АК Дьон таптал иэйиитин күүһүнэн чугасаһыылара. Θ Отношения, основанные на чувстве любви. Куруук бииргэ сылдьар киһи табаарыһын олоҕун хайдах билбэт буолуой? Айаан Никиталаах Катя сыһыаннарын ыйыталаспатар даҕаны, барытын сүрэҕинэн сэрэйэрэ.
Н. ЛугиновКини өйдөөбүтэ, кинилэр сыһыаннарыгар бу күнтэн ыла чааһынай ахсаан аһыллыбытын. В. Яковлев Арай туран, хотоммутун тутан бүтэрэн истэхпит аайы, дьоммут сыһыаннара улам сойдор сойон истэ ХС
4 аат тыл #
Сулууспаҕа, үлэҕэ, үөрэххэ хардарыта тутулук, сыһыаннаһыы
Нууччалыы Взаимоотношения на службе, учёбе, субординация
Син байыаннай сулууспа киэнин курдук, званиенан уонна дуоһунаһынан ыстаарсай өттүлэригэр итинник сыһыан [подкозырёк биэрии] олохтоноро эрэйиллэр [милииссийэ үлэһиттэригэр]. М. Попов Дидактика ирдэбиллэрэ учуутал уонна үөрэнээччи икки ардыгар үөскүүр сыһыаннары учуоттуур ФГГ СТМЛ
5 аат тыл #
Киһи тугу эмэ хайдах өйдөөн ылынара, сыаналыыра
Нууччалыы Отношение к чему-л., основанное на осознании его ценности
Үлэҕэ-үөрэххэ сыһыан. Олоххо сыһыан. П. А. Ойуунускай литератураҕа сыһыана бэрт ыраахтан уонна үрдүктэн этэ.
Суорун ОмоллоонАан дойду үрдүнэн саамай тыҥааһыннаах проблемалартан биирдэстэринэн тулалыыр эйгэҕэ сыһыан буолла. "Чолбон". Бу түһүмэххэ бэриллэр айымньыларга айылҕа хартыыналара элбэхтик хоһуйуллаллар, киһи айылҕаҕа сыһыана көрдөрүллэр ЕЗП ТСАаКМ
6 аат тыл #
мат. Биир чыыһыла атыҥҥа түҥэтиллибитин өлүүтэ
Нууччалыы Отношение
Биэс уонна икки чыыһылалар өлүүлэрин атыннык биэс чыыһыла иккигэ сыһыана дэнэр. Икки положительнай чыыһыла сыһыана биир чыыһыла иккистэн хас төгүл улаханын эбэтэр биир чыыһыла иккис ханнык чааһа буоларын көрдөрөр ВНЯ М-4
7 этии #
ыан тыл тыл. үөр. – саҥарар киһи этэр санаатыгар тус сыһыанын биллэрэргэ туттар анал тыла (буоллаҕа, биллэн турар, быһыылаах, сураҕа, кырдьыга, эбит, курдук, үһү уо. д. а.) ыан тыл уларыйбат, этии чилиэнэ буолбат. ННН СТ- 7
Нууччалыы Модальное слово
8 аат тыл #
, харыс т. Кылыы
Нууччалыы Насторожка (из конского волоса для настораживания старинных орудий охоты)