ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыһыарыы

аат тыл, аат, сыһыат

Нууччалыы дательный

English dative, allative

Ис хоһооно · 5

1 сыһыат #

диэнтэн хай. аата. Звеноҕа сири бастайааннайдык сыһыарыы хайа да күн үчүгэй. "Кыым"

2 аат #

Туохха эмэ эбии оҥоһуллубут, эбиилик буолан бэчээттэммит (үксүн суруллубут, бэчээттэммит үлэҕэ)

Нууччалыы Приложение

  • ыарыыга эбэтэр аатыласка геологическай хаарта ис хоһоонун көрүҥ. САИ ССРС ФГ. Е. И. Убрятова "Сахалыы-нууччалыы тылдьыкка" сыһыарыы быһыытынан суруйбут уочаркатыгар сомоҕо домохтору эмиэ ахтан ааһар
    СЛСПҮ

3 аат #

тыл үөр. Тыл олоҕор холбонор, киниэхэ эбии суолтаны биэрэр эбэтэр атын тылларга сыһыанын бэлиэтиир тыл өлүүскэтэ

Нууччалыы Аффикс. Үөскэмэй сыһыарыы. Өлүктүйбүт сыһыарыы. Тылы үөскэтэр сыһыарыы. Тоҕо -лар диэн сыһыарыы -лор, -лөр, -лэр буола уларыйбытын быһаарыҥ. ПНЕ СТ

4 аат #

биол. Үүнээйи биир суордун үнүгэһин ылан атын суордугар илдьэн хайа быспыкка уган, сыһыары баайан, үүнээйи саҥа суордун үөскэтэн үүннэрии

Нууччалыы Прививка

  • И. В. Мичурин отонноох үүнээйилэр саҥа суортарын таһаарар үлэтигэр сыһыарыыны киэҥник туттара. АНК ТСТЗС. Ордук үгүстүк хараҕынан (үнүгэһинэн) сыһыарыыны тутталлар. КВА Б

5 этии #

ыарыы түһүк тыл үөр. – хайааһын ананар предметин, буолар миэстэтин, хайысхатын көрдөрөр, кимиэхэ? туохха? диэн ыйытыыга хоруйдуур түһүк ыарыы түһүк дьаһайар туһаайыыга турар туохтуурга салайтаран хайааһыны дьиҥ толорооччуну бэлиэтиир. ВИП СТПС. Сыһыарыы түһүккэ турар аат тыллар ханна? диэн ыйытыыга эмиэ хоруйдууллар. ЕНВ СТ

Нууччалыы Дательный падеж

«С» буукуба