ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыһылын

туохтуур

Нууччалыы волочиться по земле

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Сиринэн соһулун

Нууччалыы Волочиться по земле

  • Сиринэн сыһыллар бөрө саҕынньаҕы кэппит.
    Амма Аччыгыйа
  • Фашистар самныбыт былаахтара Сиринэн сыһыллан аастылар.
    И. Чаҕылҕан
  • Синиэлэ кип-киэҥ, сиринэн сыһыллар курдуга. Эҕэрдэ
    СС

2 туохтуур #

Нэһиилэ бэрт эрэйинэн бытааннык хаамп, бар, айаннаа

Нууччалыы Идти, ехать очень медленно, с трудом передвигаться

  • Дьэ, инньэ гынан, маҕаһыын атыыһытынан анаттаран Айаан Абыйга сыһыллан тиийбитэ.
    Н. Габышев
  • Мин уҥа атахпар таптаран, сыһыллан хаалбытым.
    И. Сосин
  • Алексеев томторго бэрт нэһииччэ сыһыллан тиийдэ.
    ОЛ ПА

3 туохтуур #

Мөлтөх буолан тугу эмэ кыайбакка кутурукка соһулун, тэбилин

Нууччалыы Плестись, тащиться позади других, отставать от других (напр., в учёбе)

  • Сүүрбэ сыл сыһыллан, Соһуллан-соһуллан Утуйаан эр-бэрдэ Үөрэҕин бүтэрдэ.
    С. Данилов
  • Мин кэннибинээҕи паарта иччитэ, үөрэҕэр нэһиилэ сыһыллар Сиидэр уол күлэн сатарыппыта.
    П. Аввакумов
  • Нэһиилэ "үскэ" сыһыллан үөрэнэр уолуттан аҕата ыйытар.
    ПП

4 туохтуур #

Бүтэн биэрбэт курдук салҕанан бара тур (хол., күн, санаа туһунан)

Нууччалыы Тянуться (напр., о деле)

  • Күнү быһа соҕотоҕун олорон тахсар дьахтар унньуктаах биир кэрис санаалара сыһылыннылар.
    Н. Габышев
  • Оргууй сыһыллан күн бүттэ, онтон киэһэ… тиһэҕэр, дьэ түүн тиийэн кэллэ.
    И. Тургенев
  • Онон, Хайахсыт түгэҕиттэн ийэм куоракка киирэн, сыһылла сылдьыбыт дьыаланы быһаардаҕа ити
    ХС

«С» буукуба