ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэгэр

аат тыл

Нууччалыы близкий друг, с которым связывает дружба, любовь

1 аат тыл #

Кимиэхэ эмэ чугас, истиҥ, иһирэх сыһыаннаах, эн-мин дэсиһэр тэҥнээх доҕоро, үөлээннээҕэ

Нууччалыы Близкий друг, с которым связывает дружба, любовь

  • Уол төрүт умнубут тапталын, Сирдээҕи сэгэрин-аналын, Түүн үөһэ кыыс эмиэ күүппүтэ. Эдэркээн тойуксут кэлбэтэх.
    И. Гоголев
  • Сыырга тахсан, кыыс таҥнан, Күүтэн турда сэгэрин. Эллэй. Сэгэрим кэлиэ диэн Суол диэки көрөбүн
    Баал Хабырыыс

2 аат тыл #

Чугас киһини, доҕору, үөлээннээҕи эйэҕэстик ыҥырар тыл

Нууччалыы Употребляется как обращение к близкому человеку, а также как доброжелательное обращение к кому-л

  • Эппит тылбын толорон, Этэҥҥэтик олорон, Миигин көрсөөр, сэгэриэм, Бэккэ таптыыр биэбэйиэм. Эллэй. "Сэгээр, таһырдьаттан маста көтөҕөн киллэрэн уотта отун", – диэтэ Ыстапаанньыйа оҕотугар.
    Күндэ
  • Ср. ДТС йег ‘хороший; хорошо’

«С» буукуба