ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэксэҥнэт

  • сэксэҥнээ диэнтэн дьаһ. туһ. Миитэрэй мас ылан, чөмөхтөммүт мутугун үрэйэргэ барда. Онтуката, хата, сэксэҥнэттэҕин аайы, уота дьэ эбии күүһүрэн кытыастар.
    Амма Аччыгыйа
  • Арай сотору-сотору киниэхэ [булгунньахха] үйэлэр тухары үөлээннээх доҕор буолбут чысхааннаах тымныы тыал эрэ көҥүл силлиэрэ дьаарбайан, кини туналыйар туус маҥан үллүгүн сэксэҥнэтэ көтөр.
    А. Бэрияк
  • Үрүҥ баттаҕын күһүҥҥү тыал сэксэҥнэтэрэ, маҥан былаатынан быраһаайдаһа далбаатанар курдук көстөрө. "ХС"

«С» буукуба