Перевод с якутского
сэлэ
аат тыл
Нууччалыы туго натянутая между столбами кожаная или волосяная веревка с особыми деревянными застёжками (кулугу) или чекушками (ха…
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
, эргэр
Тоҕус тоҕойдоох Сэлэни тиирбиттэр, тоҕус уон Чуоҕур маҥан кулуннарын Чуоҕуппуттар. Саха фольк Атын олбуор иһигэр киллэрэн сэлэ биир баҕанатыгар тохтотто, хонордуу, дугатын устан олгуобуйатын түһэрдэ Болот Боотур
2 аат тыл #
Кулуннары кэккэлэһиннэри баайарга анаан хараҕалаах, кулугулаах баҕаналар ыккардыларыгар чиккэччи тардыллыбыт модьу быа
Нууччалыы Туго натянутая между столбами кожаная или волосяная веревка с особыми деревянными застёжками (кулугу) или чекушками (хараҕа), к которым посредством петель привязывают жеребят до удоя
3 аат тыл #
Ыһыах түһүлгэтин тула кэккэлэччи анньыллыбыт чэчирдэр
Нууччалыы Молодые берёзы или зелёные ветки, воткнутые вокруг түһүлгэ (площадки) – места для проведения ысыаха
Сибэккинэн симэммит, Сэлэ чэчир астыбыт, Үрүҥ астаах сир иһит Түһүлгэтин тартыбыт. С. Данилов Чэлгийэр күөх хахыйахтан Чэчир сэлэ аспыттар. Күннүк Уурастыырап Саҥа олоҕу тэлэйэргэ, Саҥа олоҕу тэрийэргэ, Чэйиҥ, бары түмсэн, Чэчир сэлэтэ анньыаҕыҥ С. Васильев
4 аат тыл #
Биир тэҥ, атылыы туохтар эмэ тэҥник кэккэлээбиттэрэ, субуруспуттара
Нууччалыы Ряд одинаковых предметов, расположенных или следующих друг за другом цепью, вереница
Сэргэлээҕи үрдүнэн, Сэлэ муннук буоланнар, "Турууруктаан" – хаһыытаһан, Туруйалар аастылар. Күннүк Уурастыырап Сараҕыйбыт сэлэ оту Сыыйа тардан бэрийэ, Кыыс аймах, субуу тардан, Кырдал сири кэрийэр. И. Чаҕылҕан Дьиэлэр хас да сэлэнэн уһун субурҕа гына олорон барбыттар, арай кинилэртэн биир улахан дьиэ ону кытта хас да кыра дьиэлэр быстан тэйиччи соҕус тураллара көһүннэ Эрилик Эристиин
5 аат тыл #
Балыктыырга күрүчүөктээх быа бэрэмээт эбэтэр сүүрүк утары анньыллыбыт уһун тоһоҕолорго иҥиннэриллибит улахан харахтаах илим
Нууччалыы Рыболовная снасть; перемёт
Сарсыарда эрдэ туран сэлэбитигэр киирэн илиммитин көрө сырыттыбыт. ХС Уйбаан Сэмэнэбис дьонноругар илимнэрин көрөллөрүгэр дьаһайан баран, Сенялыын илим үтээри балыктыыр сэлэлэриттэн муора диэки кыдьымаҕа суох ыраас мууһу көрдүү бардылар ХС
6 этии #
Нууччалыы Волосяная веревка, натянутая от столба к столбу, расположенных полукругом, к которым привязывают жеребят
Этиилэр
Тоҕой сэлэ
баҕанаттан баҕанаҕа тоҕойдуу тардыллыбыт эмньик кулуну баайар быа Тоҕой сэлэ тиирэммит, Торҕо түптэ иитэммит, Туораах кулун тутаммыт, Чороон иһит мунньаммыт Тунал күммүт ыһыаҕын Туругурдан ыһыаҕыҥ.
Тойук тохтуур томторугар Тоҕой сэлэ туругурар. ХС Ср. ДТС йалу ‘верёвка, используемая для привязывания жеребят’, кирг. желе ‘верёвка, натянутая на два колышка и служащая для привязывания жеребят, телят’, монг. зэл ‘протянутая верёвка (для привязывания скота)’