ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэмсэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы добавка, прибавка к чему-л

1 аат тыл #

ан эмэ киһиэхэ, өлүүтүн таһынан, эбии биэрии

Нууччалыы Добавка, прибавка к чему-л

  • Бэҕэһээ уолуҥ Бөдьөкө сэмсэ сиэри, оҕус сүлүүтүгэр атах тута, көмөлөһө сылдьара.
    Болот Боотур
  • Быар -- үксүгэр тоҥнуу сиэнэр, маанылаах, ордук оҕоҕо сэмсэ гынарга күндү аһылык.
    ХС
  • Оҕолорго үрдүк үөрэххэ холкуоһу кытта кэпсэтэн үөрэнэллэригэр истипиэндьийэлэрин таһынан холкуостарыттан биэс уоннуу солкуобай сэмсэ ылаллар
    ХС

2 даҕааһын #

суолт. Ордук, хос, эбии

Нууччалыы Добавочный, дополнительный, прибавочный

  • Сыл аайы сиилэстээһин тоҕо эрэ окко киириэх иннинэ сэмсэ үлэ курдук ыытыллара.
    Далан
  • Сэмсэ кэһиим диэн ааттаан суорҕан саҕа бытырыыстаах сукуна былааты, халадаай ырбаахыны, уон арсыын үрүҥ холустаны биэрдэ.
    И. Данилов
  • Сэмсэ этин саҥа куулга уган, дьиэлээхтэргэ ханналыырын эппэккэ эрэ, айаҥҥа турда. "Чолбон". Ср. ДТС йем ‘еда, съестное’, тув. чем ‘еда, пища’

«С» буукуба