ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэмсээ

туохтуур

Нууччалыы играть, плескаться на поверхности воды

I

1 туохтуур #

Уу үрдүгэр көбөн чалбаа, чалбааттан (балык туһунан)

Нууччалыы Играть, плескаться на поверхности воды (о рыбе)

  • Үрэххэ уу чолур гынна - бадаҕа сордоҥ сэмсээтэ.
    Н. Габышев
  • Күөлүн уутугар эмис соболор сэмсииллэр, уҥуоргу кытыынан кус оҕолоро усталлар.
    ХС
  • Эмискэ балыксыттар анныларыгар күөлгэ сордоҥ өрүтэ чолоҥнотолоон оонньоон ылбыта. Кытыыга балыктар сэмсээбиттэрэ
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ элбэхтик кэс, уһаты-туора, кэрийэ хаамп

Нууччалыы Обходить что-л., долго бродить по чему-л

  • Биһиги дьоммут тахсан үгүс киһилээх киэҥ олбуору сэмсии сырыттылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмиэ тоҥуу хаары сэмсээн сөптөөх бэһи көрдүүллэр.
    А. Фёдоров
  • Уолаттар ыкса киэһээҥҥэ дылы куораты биир гына сэмсээтилэр
    Чолбон
Өссө холобурдар (2)
  • көр самсаа. Дарбааһап таһырдьа тахсан, аны балаҕан таһыгар ат баһын быатын сэмсии, үүйэ олорор Уйбаанчыкка тиийдэ, кэпсэтэн-сэлэһэн барда.
    В. Протодьяконов
  • Онон ыһыы тиэхиньикэтин эргэнэн сэмсээн оҥоруу ханнык да үчүгэй хаачыстыбаны мэктиэлиэн сатаммат. "Кыым"

«С» буукуба