Перевод с якутского
сэрэй
туохтуур
Нууччалыы предчувствовать, предугадывать, предвидеть что-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Туох эмэ буолбутун эбэтэр буолуохтааҕын курдаттыы таайан бил
Нууччалыы Предчувствовать, предугадывать, предвидеть что-л
Оо, Настаа эмээхсин – түгэхтээх эмээхсин, кини бэйэкэлээх Харытыана ис санаатын билбэт, сэрэйбэт буолаахтыа дуо?
П. ОйуунускайОҕолор билбэттэр, сүрэхтээх мин эрэ сэрэйэбин, курдаттыы таайабын. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кини [Александра Егоровна] үлэ үөһүгэр сылдьыбыт буолуохтаах диэн көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук ПНИ АДХ
2 туохтуур #
Быһа холоон барыллыы санаа, сабаҕалаа
Нууччалыы Предположить, выдвинуть какую-л. гипотезу
Барыллаан сэрэйдэххэ, арааһа, эрэйэ аҕыйах, хамнаһа үрдүк үлэ быһыылаах.
Н. ЛугиновКини, сэрэйбитим курдук, остуолга олорбото, туох эрэ кумааҕылары хачыгыратар. Н. Заболоцкай Көннөрү тыллартан ураты саха бэйэтин тылларын араҥаларыгар уустук лексическэй единицэлэр үгүс өттүлэрэ киирэллэрэ буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп АПС СТЛ
3 этии #
Нууччалыы Догадываться, предполагать, чуять
Этиилэр
Көхсүнэн сэрэйэр
көрбөтөр, истибэтэр да, билэр, курдаттыы таайар Ийэм биһиги кэпсэтиибитин ымпыгын-чымпыгын истибэтэр да, тыл тылбытыгар киирсибэтэхпитин көхсүнэн сэрэйэр.
Бу кэлиҥҥи кэмҥэ адаҕыйан тахсан эрэр алдьархайдары барахсана көхсүнэн өтө сэрэйэр.
Н. ЛугиновВ. Яковлев дьон уратылаах санаатын, иэйиитин, кимиэхэ да кэпсээбэт кистэлэҥин көхсүнэн сэрэйэн ойуулууругар барытыгар биир тэҥ күүстээх. Эрчимэн.
Сүрэҕэ сэрэйэр (таайар) көр сүрэх I
Айаан Никиитэлээх Катя сыһыаннарын ыйыталаспатар даҕаны, барытын сүрэҕинэн сэрэйэрэ.
Н. ЛугиновСороҕор сүрэх сэрэйбитэ харах көрбүтүнээҕэр ордук. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Кэннигэр атах тыаһа тыаһаабытыгар эргиллэн көрбөккө да, дьүөгэтэ кэккэлэһэ турбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. НТП ТББ
4 этии #
Нууччалыы Как и предполагалось
Этиилэр
Сэрэйбит сэрэх
санаабыт курдук, оннук буолуохтаах этэ Ол ыккардыгар бөртөлүөт тыаһа бирилээтэ, сэрэйбит сэрэх, буруону көрөн чуо көтөн кэллилэр. Н. Лугинов. Сэрэйбит сэрэх, харсыһыы хара маҥнайгыттан саҕаланна. У. Нуолур. Сэрэйбит сэрэх, сыыр үрдүгэр бурҕачытан тахсарбытын кытта, хабдьылар биһигини кыһайбыт курдук, итиннэ кылбаһан, манна хороһон олорор этилэр. Н. Заболоцкай. Сэрэйэр киэп тыл үөр. – хайааһын оҥоһуллуута сэрэйиллэрин көрдөрөр киэп.
Предположительное наклонение.
Сэрэйэр киэп үгүстүк "буолуо", "дии" диэн көмө тыллары кытта туттуллар. АПС С Т. Ср монг. сэрэх ‘подозревать’