Перевод с якутского
сэрэт
туохтуур
Нууччалыы предостерегать, предупреждать кого-л.
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Сэрэнэ, кэтэнэ-манана, харыстана сылдьарга эрдэттэн сүбэлээ, эт
Нууччалыы Предостерегать, предупреждать кого-л. (напр., об опасности)
Кинилэр ким да уорбалаабат, кэлэрин-барарын кэтээбэт биэстээх бэдигинэн Чымбайынан илдьити тиэрдэллэрэ, туох куттал суоһаабытын эрдэттэн сэрэтэллэрэ.
Н. ЛугиновТойоно сэрэтэрин, кэпсиирин Томсон соччо болҕойон истибэт. Н. Якутскай "Ууга сытарга мээнэ ыраах киирэр сатаммат, сөтүөлээтэххэ даҕаны сэрэнэр сөп", – диэн Вася оҕолорун сэрэттэ Дьүөгэ Ааныстыырап
2 туохтуур #
Эрдэттэн өйдөтөн эт
Нууччалыы Предупреждать заранее о чём-л. [Даайыс:] Хата, оҕобун кэпсээ, төһө улаатта, хайдах иитэллэр, миигин кэлиэ диэн сэрэппитиҥ дуо?
Учуутал сэрэтэ сатаабытын ылымматылар, хата күлүү гыннылар. И. Гоголев Көтөр, чыычаах уйата син биир оҕо биһигин кэриэтэ, олох тыыппат буолуҥ диэн кытаанахтык сэрэтэллэрэ, өйдөтөллөрө ФГЕ СТС
3 туохтуур #
Эрдэттэн харыстыыр ньыманы бул
Нууччалыы Предохранять от чего-л
Кыыллар чэгиэн-чэбдик буолууларын ситиһэр наадатыгар ыарыыттан сэрэтэр прививкалары кэмин аһарбакка оҥороллор. Дьону үөр. Үөс тымырын ыарыыларын сэрэтэр уонна эмтиир ньымалар Кыым
4 этии #
Сэрэтэр киэп тыл үөр. – хайааһын буоларыттан сэрэниини, дьиксиниини эбэтэр хайааһыны күүтүүнү көрдөрөр киэп Сэрэтэр киэп -аайа сыһыарыыга кэпсиирэ сыһыарыыта эбиллиитинэн үөскүүр. АПС СТ
Нууччалыы Возможное наклонение