ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэттэ

ахсаан

Нууччалыы семь

English seven

Ис хоһооно · 6

1 #

төһө ахс. аат

2 #

7 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл

Нууччалыы Слово, обозначающее число, цифру

3 #

Нууччалыы Количество

  • Биэһи сэттэҕэ төгүллээ.
  • Бу Атамай сэттэ уоллаах кырдьаҕас.
    Суорун Омоллоон
  • Туох да үлэҕэ-хамнаска көдьүүһэ суох сэттэ ыы-кырбас кыра оҕолоох этилэр.
    Күндэ
Өссө холобурдар (2)
  • Өрө көрө түспүппүт, сэттэ үөрдээх хоҥор хаас өрүс сүнньүн туһаайан ааһан эрэллэр эбит.
    В. Титов
  • // 7 ахсаан кэриҥэ

4 #

Сэттэ мөһөөх. Сэттэ көс устатыгар тайыыр

5 #

Тардыы сыһыарыыланан "сэттэлээх, сэттэ саастаах" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В притяжательной форме употребляется в значении "семь лет кому-л., семилетний"

  • Миитэ быйыл сэттэтэ, сэмэй, өйдөөх эр бэрдэ.
    С. Тимофеев
  • Сэттэбин туолуубар бэйэм тииҥниибин.
    Н. Тарабукин
  • Сэттэтигэр оскуолаҕа Киирэн начаас үөрэммитэ Суруйа, суоттуу, ааҕа
    ХС

6 этии #

Сэттэ бэрэкэй буолар түөлбэ. – биирдэ эппитин хаста да уларытар, уларыта сылдьар Эн бүгүн миигин кытта барсыах буолтуҥ буолбат дуо уонна эмиэ тоҕо сэттэ бэрэкэй буоллуҥ? ГНС СТСДТ. Сэттэ көлөһүнүн ык кэпс. көр көлөһүн. Ыарыы, сэгээр, сэттэ көлөһүммүн ыкта, күнүм хараарарга дылы гынна да, күөгэйэ устан, күөгэс гынан таҕыста. В. Миронов.

Нууччалыы Часто менять своё решение и намерение

Этиилэр

Сэттэ көлөһүнэ тоҕунна

1) күүһэ-сэниэтэ эстиэр диэри үлэлээтэ.

Работать до изнеможения (букв. пролить семь потов).

  • [Оҕонньор:] Былыр биһиги хамса табаах иннигэр сэттэ көлөһүммүтүн тоҕорбут. А. Кондратьев; 2) аһара тириттэ, көлөһүн алынна. соотв. семь потов сошло с кого-л. Мин, урут соҕуруу дойду куйаас сайынын билбэтэх киһи, дьэ сэттэ көлөһүнүм тоҕунна эбээт.
    С. Никифоров

Сэттэ сирэй

дьоҥҥо бэрт буола сатыыр; ньылаҥнас киһи.

Подхалим, льстец, угодник.

  • Биһиги да ортобутугар сэттэ сирэйдэр бааллар. Тэҥн. сирэй көрбөх (көрүмсэх); хамыйах салааччы.

Сэттэ сирэй буол

дьоҥҥо бэрт буола сатаа, албыннас.

Подхалимничать, угодничать.

  • "Бачча элбэх тойон-хотун кэлбитигэр боппуруоһу туруорсубаккыт, наадаҕытын эппэккит, сэттэ сирэй буолаҕыт!" – биригэдьиир Мэхээлэ үлэһиттэрин мөҕөр.
    ХС

Сэттэтин ыл

улаханнык кэмсинэр гына кэһэт, кэһэтэн биэр.

Спустить шкуру с кого-л.; разделать под орех кого-л.; намылить голову кому-л.; дать горький урок кому-л.

  • [Тойон] соччо айдааны тарпакка баран хаалта, хата, ол оннугар антах тиийэн кинээһи сэттэтин ылбыт этэ.
    Н. Заболоцкай
  • "Кини мэлдьи итинник ээ, иллэрээ күн мин кинини сэттэтин ыла сыспыппын, эн көмүскэспитиҥ дии!" – диэн балтаһыт Кууска Солуомабы саҥата суох ыытар.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (2)
  • Сэттэ үүккүнэн ситэри иһит (тоҕус үүккүнэн толору болҕой, үүттээх хайаҕаскынан өйдөөн иһит) – олус болҕойон иһит. Слушать очень внимательно. Доҕоор, болҕойон сэттэ үүккүнэн ситэри иһит эрэ.
  • – Сааба, бэйэ, мээнэ чаабырҕаама, дьон сиэрдээҕи этэрин үүттээх хайаҕаскынан өйдөөн истэр буол.
    Д. Очинскай

Сэттэ чох үрдүгэр үктэн (олор)

олус ыксаа; ыгылый.

Доходить до крайней степени какого-л. состояния; опешить, растеряться.

  • Оччолорго даҕаны биһиги сэттэ чох үрдүгэр олорботохпут, киэҥ-холку этибит. ВМП УСС. Киниэхэ холоонноох доҕор, тэҥнээх кэргэн буолуохтаах уолан киһи кинилэргэ кэлэ сылдьыаҕыттан ыла, сэттэ чох үрдүгэр үктэнэ сылдьар. "Чолбон".

Сэттэ чох үрдүгэр (үөһэ)

ыксалынан, түргэн үлүгэрдик (буһара уур, буһара оҕус).

Со спешкой, очень быстро (поставить варить что-л.).

  • Икки чөркөйдөрүн үргээн, тырыта-хайыта тыытан солуурчахха уган, сэттэ чох үрдүгэр уура оҕустулар. Айталын. Чэй даҕаны сэттэ чох үрдүгэр түргэнник оргуйбута.
    П. Аввакумов
  • Кэргэнэ ыалдьытын итиилээри, иирдэ олорор сүөгэйдээх ыаҕаһын уолугар туттарбыт, оһоҕун күөдьүтэн, чаанньыгын сэттэ чох үрдүгэр уурбут.
    Ф. Постников
Өссө холобурдар (3)
  • Кини бэҕэһээ киэһэ ириэрэ киллэрбит куобаҕын сүлэн солуурчаҕар ыга аспыта, сэттэ чох үөһэ түһэрбитэ. "Чолбон". Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ (сөмүйэ үрдүгэр үстэ) эргийбит (киһи) –угаайылаах өйдөөх, киитэрэй (киһи). Пройдоха, ловкач. Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эрэттэр диэтэҕиҥ.
    И. Никифоров
  • Ол тирэх кэнниттэн Манна кэлбит эбит, Саргытын була, саха оҕото – Эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргийбит Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох. Эллэй. "Кэҕитэн ырыаһыт да оҕо, уолаттары эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргитиэх барахсан сылдьар!" – дии-дии Аана эмиэ күлэн саһыгырыы олороро буолуо.
    М. Доҕордуурап
  • Тюрк. йети, йэтти

«С» буукуба