ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэҥийэ

аат тыл

Нууччалыы подбородок (у человека), место между нижней челюстью и шеей

English chin

1 аат тыл #

Киһиэхэ аллараа сыҥааҕын уһуга, сүөһүгэ сыҥааҕын анна

Нууччалыы Подбородок (у человека), место между нижней челюстью и шеей (у скота, животных)

  • Ыттар субуруҥнаһан тиийэн аттар сэҥийэлэригэр өрүтэ ыстаннылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Настя хараҕа толору ууламмыт, сэҥийэтэ биир кэм ибигирэс буолбут.
    Н. Якутскай
  • Василий Петрович скрипкатын сэҥийэтигэр сыһыаран тутан баран нуучча былыргы мелодиятын оонньоон барбыта
    Чолбон

2 этии #

Нууччалыы Бородка, борода. [Нехлюдов] куударалаах сэҥийэ бытыгын уонна сүүһүн үрдүнэн убаан эрэр будьурхайдыҥы баттаҕын, улахан сиэркилэ иннигэр олорон, икки суотканан тараанна

  • Сэҥийэ бытыга - эр киһи аллараа сыҥааҕар үүнэр бытык
    Л. Толстой
  • [Староста] тэрэччи сэбирийбит сэҥийэ бытыктаах эбит.
    И. Тургенев
  • Түннүк сэҥийэтэ - түннүк холуодатын алын туорайын сирэйэ, долбуура. Θ Подоконник. Үүтээҥҥэ түннүк сэҥийэтигэр хаппыт туоска сууламмыт испиискэ сытар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Таня түннүк сэҥийэтиттэн тайанан туран, таһырдьаны көрдө.
    М. Доҕордуурап
  • Сиваков бөппүрүөскэтин уоһун икки уһугар хардарыта хатайдаан оборбохтоон баран, түннүк сэҥийэтигэр турар пепельницаҕа кичэйэн туран ньаҕайбахтаан умуруорда. "Чолбон". Ср. тув. сегел ‘подбородок’
II

3 аат тыл #

, кэпс. Муҥха таастыганнаах алын быата

Нууччалыы Верёвка, привязываемая к нижней части невода, где находятся грузила

«С» буукуба