Перевод с якутского
сүбэ
аат тыл
Нууччалыы совет
English advice
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы совет
English advice
үтүө сүбэ добрый советgood advice эйэлээх тылтан субэ наадалаах из ласковых слов нужнее всего советof all the friendly words, advice is needed
2 аат тыл #
Нууччалыы способ; путь
English method, way
сүбэни булуохха наада надо найти выходit is necessary to find a way
3 аат тыл #
Тугу эмэ хайдах быһыылаахтык оҥорорго ыйыы-кэрдии, үөрэтии-такайыы
Нууччалыы Совет, назидание
"Кэлин сиэпкин көрүн эрэ", – аттыбар олорор муус маҥан бытыктаах, баттахтаах оҕонньор сүбэ биэрдэ. Амма Аччыгыйа "Кырдьаҕас киһи сүбэтин иһит: атыҥ ырыыһы, сынньатан баран бар", – диир Сэмэн Уйбаанабыс. Н. Якутскай Кинээс киириитигэр, Огдооччуйа сүбэтинэн, Болот утуйбута буолан хаалла Н. Заболоцкай
4 аат тыл #
Тугу эмэ хайдах оҥорор туһунан санаа, быһаарыныы
Нууччалыы Замысел, план осуществления чего-л
Үгүс киһи сүбэтин түмнэҕинэ, сүүрбэ сылынан Сүрүн көнөрө дуу...
Өксөкүлээх ӨлөксөйИккиэн биир сүбэнэн, бииргэ күнүстэри-түүннэри дьулуруйан үлэлээн-хамнаан истилэр. А. Софронов Манна баар дьон, эһиги, Олоххутун бэйэҕит, Уопсай сүбэ быһыытынан Оҥостунар бырааптааххыт Күннүк Уурастыырап
5 аат тыл #
Бииргэ мустан туох эмэ туһунан кэпсэтии, сүбэлэһии; мунньах
Нууччалыы Совещание, обсуждение какого-л. вопроса; собрание
Бу улуу сүбэҕэ ким даҕаны сыыһа тылы этэн сүүс сыл усталаах туоратыгар хара мэҥнэниэҕин, сууйуллубат-сотуллубат хара кирдэниэҕин баҕарбат эбит.
П. ОйуунускайКуорат биир уһугар, Кунаахап Дьөгүөр хоһугар Хас да киһи ыҥырыллан, Ханнык эрэ сүбэ буолбут. С. Васильев Кылгас сүбэ кэнниттэн, манна хаалларар сатаммат, туоратан көрүөххэ диэн буолла Н. Заболоцкай
6 аат тыл #
Тугу эмэ оҥорор ньыма, сылтах
Нууччалыы Способ, повод делать что-л., поступать каким-л. образом
Үрүҥ Уолан -- Өлөн тиллибит курдук сананна, Өлбөт сүбэтин булунна.
П. Ойуунускай[Бэһиэлэйэп] айах тутаары, арыгы иһэрдээри ыҥырбатаҕа буолуо. Оттон сайылыгар көһүөн иннинэ, иэһинэн эрийэн эн хара көлөһүҥҥүн иҥэринэр сүбэтин булла ини. Амма Аччыгыйа Саарбалаахап, оҕонньор эмиэ булгутунар сүбэтин булунна диэн, кыйаханна. Софр Данилов
7 этии #
Нууччалыы Совещательный голос
Этиилэр
Сүбэ куоластаах (сүбэ куолас бырааптаах)
ханнык эмэ боппуруоһу быһаарар мунньахха куоластыыр бырааба суох, дьүүллэһэр, сүбэлэһэр эрэ кыахтаах кыттар быраап Сийиэскэ барыта сэттэ сүүс тыһыынча хомсомуол чилиэниттэн тоҕус сүүс тоҕус уон алта быһаарар уонна сүбэ куоластаах дэлэгээттэр дойду араас муннуктарыттан кэлбиттэр.
П. Ойуунускай РКП(б) онус сийиэһигэр дэлэгээтинэн сүбэ куоластаах сылдьыбыта. ХС Хомсомуол Киин Кэмитиэтин чилиэнигэр кандидаттар ЫБСЛКС КК пленумун мунньахтарыгар сүбэ куолас бырааптаах сылдьаллар. ЫБСЛКС У
Сүбэ мунньах
тэрилтэҕэ хайа эмэ боппуруоһу сүбэлэһэн дьүүллүүр, быһаарар мунньах.
Совещание, заседание для обмена мнениями.
Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Бүлүү уокуруктарын үлэһиттэрин ыҥыран ылан, тиэтэллээх сүбэ мунньах оҥорбуппут.
П. ОйуунускайДоҕотторуҥ сүбэ мунньахтара эйигин үөрэттэрэргэ уураах таһаарда. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Никифоров атыыһыт бу сүбэ мунньахха эмиэ ыҥырыллан кэлэн олорор. Н. Якутскай Ср. бур. зүбшэл ‘совет (указание)’, алт. сүме ‘изобретение, выдумка; мудрый совет; уговор’, хак., тув. сүмэ ‘хитрость, лукавство; смекалка’