Перевод с якутского
сүгэ
аат тыл
Нууччалыы топор. [Микиитэ эһэтэ] Биирдэ таһырдьаттан тоҥ эти кыбынан киирэн, дүлүҥ олох маска ууран баран, сүгэнэн үлтү сабаабытынан барда
English axe
1 аат тыл #
Маһы кэрдэргэ, суорарга эбэтэр тугу эмэ хайытарга, быһыта охсорго аналлаах, сытыы биилээх, ончохтоох, мас уктаах тимир туттар тэрил
Нууччалыы Топор. [Микиитэ эһэтэ] Биирдэ таһырдьаттан тоҥ эти кыбынан киирэн, дүлүҥ олох маска ууран баран, сүгэнэн үлтү сабаабытынан барда
[Баанча] Дарыбыанаба сүгэтэ күөрэҥниирин хараҕын кырыытынан көрбөхөлүүр: мас кэрдээччинэн үлэлиэ эбит! Л. Попов Маһы сүгэнэн суоран таҥастанар, сүгэнэн хатырыгы сулуйуллар, мас кэрдэллэр МАП ЧУу
2 этии #
Нууччалыы Основательное, серьёзное, убедительное слово
Этиилэр
Сүгэ-балта тыл
олохтоох, дьиппиэ, дьоһуннаах тыл Биһиги көлүөнэбит тыла ала бэлиэ, лоп курдук сүгэ-балта тыллаах үгэстээхпит.
Доҕор, бытааһахтарга баһы бэриммэт баҕайы. Эр киһи сүгэ-балта тылын дьахтар истиэхтээх. Далан Дьон бары дьиппиэрэн олорон, хас тыл этээччи сүгэ-балта тылларын истэллэр. И. Никифоров
3 этии #
Нууччалыы Ребро лапы или ладони
Этиилэр
Баппаҕай (ытыс) сүгэтэ
кыыл баппаҕайын эбэтэр ытыс кырыыта Адьырҕаны сабырҕаҕыттан харбаан ылан, ороон таһааран, баппаҕайын сүгэтинэн сиһин булгу охсор.
В. Миронов.
Кэтэх (сүүс) сүгэтэ
киһи кэтэҕин эбэтэр сүүһүн уҥуоҕун ордук бөҕө, бөлтөгөр өттө.
Наиболее твёрдая выступающая часть затылочной или височной кости.
[Ыт оҕото] маҥан төбөтө саллайан улахана, сүүһүн сүгэтэ, акаары ыттарга буоларын курдук, бөп-бөлтөгөр, кып-кыараҕас харахтара күөх өҥнөөхтөр, болоорхойдор. В. Миронов Оботтоох-соллоҥноох батас Кэтэҕин сүгэтин быһа хабан, Сиһин сүлгүөҕүн дьукку салаан, Сыа тиҥилэҕин туура көтөн -- Тэлэ дайбаан таһаарда. ХС
Муос сүгэ
ойуун кыырарыгар туттар кыра муос сүгэтэ.
Маленький роговый топорик (обычно атрибут шамана).
Элэйэн-элэйэн киил буолбут муос сүгэни ойуун кыаһааныгар солбуйа баайан кэбистилэр.
П. Ойуунускай[Эллэй] дьиэтин хараҥата бэрт диэн муос сүгэнэн дьиэ холлоҕоһун дьөлүтэ сынньан түннүктээбит. Н. Неустроев
Сүгэ муос
кыыл кырыылаах, кытаанах муоһа.
Острые, твёрдые рога животных.
Таба сиргэнэн, утары хайыһан туран, икки кэлин атахтарынан күүскэ тирэнэн баран, соҕотох салаалаах кыракый сытыы уһуктаах сүгэ муоһунан киһи түөһүгэр түһэн кэбистэ. Болот Боотур
Сүгэ таас
кумахха этиҥ охсубутуттан үөскээбит, уһун синньигэс токур быһыылаах таас.
Камень удлинённой, согнутой формы, образовавшийся от удара молнии в песок, фульгурит.
Сүгэ таас сүргүөһүннэх, Сааллар чаҕылҕан сапсыырдаах, Кутаа уот куйбуурдаах [этиҥ].
Өксөкүлээх ӨлөксөйУмайан, сырдаан баран Сууллуом түүҥҥү сындыыстыы, Сытыам толуу, улахан Тиит анныгар Сүгэ таастыы. Сахаларга итэҕэл баар: Сүгэ таас ымыы буолар. И. Гоголев
Сүгэ олуга
сүгэнэн маһы кэртэххэ ойдон, кыырайан түһэр кэрчик.
Щепка, отколотая при рубке дерева.
Биир киэһэ Микиитэ чалбахха сүгэ олуктарын тамнааттыы туран көрдөҕүнэ: тус соҕуруу диэкиттэн биир киһи тиэтэйэ хааман дьулугурайан иһэр. Амма Аччыгыйа Сир ахсын тоҥ маска сүгэ кылбаҥныыр, Сүгэ олуга туллук курдук кыыраҥныыр. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
[Ньургууна] ийэтэ сүгэ олугунуу кыырайан хаалбыт, ким да суолун суоллаабатах, кимиэхэ да туох эмэ бэлиэни хаалларбатах. А. Сыромятникова
Сүгэ ончоҕо
сүгэ кэтит, хаптаҕай, кэтэх өттө.
Обух топора.
Маайыс муус түннүгү сүгэ ончоҕүнэн тиэрэ охсон кэбистэ. Амма Аччыгыйа Тимир Саппыкы уоһун быһа ытыран, маҕыйа түһэн баран, сүгэ ончоҕунан Бадаайкыны кэтэҕин уоллаҕаһыгар сырбаппыта. Д. Таас
Сүгэ уга
хатыҥтан суоран оҥоһуллар сүгэ тутааҕа.
Топорище.
Хотуур, кыраабыл, сүгэ уктарыгар мүккүллэн, бэйэлэрэ хаптаһын курдук килэриччи чэрдэммит ытыстар тыастара өрө ньиргийэ түстэ. Амма Аччыгыйа Ырыа Маппый уола Дабдыыр Дьаакып оһох чанчыгар сүгэ уга хатыҥы суора олорор. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Бүөтүр кыс маһыгар, бэрэстээк үрдүгэр сүгэ уга буолар хатыҥы суора турар. Р. Кулаковскай
Тэрээк сүгэ
кэтит биилээх, мас кэрдэргэ, суорарга аналлаах сүгэ.
Плотницкий топор с широким лезвием.
Биир дьоһуннаах "литовка" хотууру, биир тэрээк сүгэни атыыласта – онтукатыттан улаханнык үөрдэ. Болот Боотур Дьэкиим кинээс икки илиитин ньыппарынан, субу бүгүҥҥү түбэлтэҕэ ананан буруустаммыт кэтит биилээх тэрээк сүгэтин ылан, балыгы үөһэттэн таҥнары көрөн, олох маска саба аччайан олорор. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Мин сүгэ охсобун. Нуучча тэрээк сүгэтин үтүгүннэрэ сатыыбын. М. Доҕордуурап
Чохороон сүгэ
тугу эмэ кырбастыырга, кыра маһы суорарга, кэрдэргэ аналлаах чэпчэки кыра сүгэ.
Лёгкий маленький топорик, предназначенный для мелких хозяйственных работ.
Баһылай, чуорааннардаах илимин уонна чохороон сүгэтин ылан -- лааҥкы диэки барда. Л. Попов Мойот куругар анньына сылдьар чохороон сүгэтин ылан, үрэх үрдүгэр төҥкөччү үүммүт уһун бэһи кэрдэ баран иһэн "сүгэбин сөпкө да ылбыппын, син булчукка маарынныыбын" дии санаата. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Чохороон сүгэ былыргы саха киһитин, ордук булчут киһи арахсыспат аргыһа, тыын мала. ББ
Чүүччү сүгэ
синньигэс уһун биилээх сүгэ.
Топор с длинным узким лезвием.
Чүүччү сүгэ. Остуолба бүтэй баҕанатын үүттүүргэ аналлаах. МАП ЧУу.
Этиҥ сүгэтэ көр сүгэ таас
Бабаарынатыгар арааһынай үүттээх таастар, этиҥ сүгэлэрэ, ох саалар, муос оноҕостор мунньуллубуттар. Болот Боотур Этиҥ охсубут сиригэр этиҥ сүгэтэ баар буолар диэн кэпсииллэр. АЛА К К. Ср
Өссө холобурдар (1)
тув. сүгэ ‘топор’, бур. һүхэ ‘тесак; топор’, монг. сүх ‘топор; секира’