ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүмэ

аат тыл

Нууччалыы жидкость, сок, содержащийся в клетках, тканях растений

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Үүнээйи ордук амтаннаах, иҥэмтэлээх симэһинэ

Нууччалыы Жидкость, сок, содержащийся в клетках, тканях растений

  • Утаҕы ханнардын диэн Хоһооммор иҥэрэбин Хатыҥ уутун, буспут дьэдьэн, Сугун аалай сүмэтин.
    И. Гоголев
  • Кырдьыга, ити бэйэтин ходуһатын от сүмэтэ наһаа хата илигинэ, арыый кэмигэр соҕус оттоон ылаары Силип ыксыыр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сиилэстэнэр үүнээйилэр сүмэлэрэ бэрт кыратык икки-үс бырыһыан курдук эрэ тохтор
    ПВА ССССБ
Өссө холобурдар (1)
  • Үүнээйи сибэккитигэр баар ураты минньигэс симэһин. Θ Сладкий сок, нектар цветочный. Лыахтар сибэкки сүмэтинэн (нектарынан) аһылыктаналлар. ББЕ З. Ыҥырыа бэрт түргэнник минньигэс сүмэ – нектар хаппахчылана сытар сирин – хоруона түгэҕин диэки талаһар.
    КВА Б

2 аат тыл #

Туох эмэ саамай ордуга, уратыта, кэрэхсэнэр өттө

Нууччалыы Самая ценная, привлекательная сторона чего-л

  • Саха тыла! Саха омук тылын сүмэтэ – Кулаковскай, Ойуунускай тыллара.
    Далан
  • Платон Алексеевич бэйэтэ кыра оҕо эрдэҕиттэн норуот айымньытын дириҥ далайыгар бигэнэн үөскээбитэ, этэргэ дылы, бу айымньы саамай чулуу сүмэлэринэн утахтаммыта.
    Н. Заболоцкай
  • Манчаары ырыалара норуот баай ийэ тылын сүмэтинэн айыллыбыттар. Олус этигэн, хомоҕой тылынан.
    Г. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. симэһин

3 этии #

Нууччалыы Чистое, светлое лицо, подобное по цвету костному мозгу (о женщине, которая используя свою привлекательность соблазняет мужчин). [Кулун Куллустуур – удаҕан дьахтарга:] Буо, буо!

Этиилэр

Сүмэтин обор (эмп)

киһи күүһүн, сэниэтин бараа, көлөһүннээ.

соотв. выжать все соки у кого-л.

  • Эн искэр киэбирэн олорбут Баай аймах, кинээстээх кулуба, Кыра дьон сүмэтин оборбут, Батталлаах дьоннору умнума!
    Эрилик Эристиин
  • Онно үлэһит күүс сүмэтин Обот баай оборон ылар. Олоҕу айааччы бэйэтэ Онно аччыктыыр-хоргуйар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Эһиэхэ мин иитиллибэтэҕим, Эстибит-быстыбыт сүмэтин эмпэтэҕим.
    С. Васильев
  • Ср. ДТС йүү ‘сок’, бур. шэмэ ‘нектар’, монг. шим ‘сок, питательность, плодородие’
II

4 аат тыл #

Ынах эмиийин үүтэ

Нууччалыы Млечные протоки в коровьих сосках

  • Эмиий сүмэтэ.
  • Ынаҕыҥ эмиийин, үүт кэлэр сүмэтин хам тутан тардарыҥ буолуо, ол иһин иэппэттэр, – диэн баран, Аана иэдэс биэрбитэ.
    М. Доҕордуурап
  • "Эн ынахтарыҥ сүмэлэрэ чөллөркөйдөр даҕаны", • диэн Кэтириис ордугурҕаата.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. һүбэ ‘пóра (на коже)’, монг. сүв ‘дырочка, ушко; узкое отверстие, проход, щель’, туркм. сүмелге ‘отверстие’, казах. шүмек ‘носик крана самовара’

«С» буукуба