ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүрэхтэн

туохтуур

Нууччалыы проникнуться желанием работать, что-л. делать

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Үлэлиэххин, тугу эмэ оҥоруоххун баҕаран кэл (урукку өттүгэр сүрэҕэ суоҕа биллибит киһи туһунан)

Нууччалыы Проникнуться желанием работать, что-л. делать (так говорят о человеке, который раньше не отличался своим трудолюбием, был ленивцем)

  • Куһаҕан сигилилээх сигилитэ көнөргө дылы гынар, сүрэҕэ суох сүрэхтэнэр, ыалдьыбыт тиллэргэ дылы буолар, санаата түспүт көтөҕүллэр.
    Н. Неустроев
  • Эрэйдээх, биирдэ айаҕаланан сүрэхтэммитиҥ ити баар!
    В. Гаврильева

2 туохтуур #

Ханнык эмэ эппиэттээх дьыалаҕа кыттан маҥнайгы боруобаҕын аас

Нууччалыы Пройти первое серьёзное испытание в каком-л. очень ответственном деле

  • Мин боруон инники кирбиитигэр баарбын. Иккитэ кыргыһыыга киирэн сүрэхтэнним.
    В. Протодьяконов
  • Дьэ эрэ, Кэрэмэс, баай хара тыабытыгар тахсан сүрэхтэнэн көрүөххэ.
    Р. Кулаковскай
  • 1975 сыллаахха Минскэйгэ аан дойду чемпионатыгар бастаан сүрэхтэммитим.
    ПП ОА
II

3 туохтуур #

Таҥара дьиэтин бары сиэрин-туомун тутуһан христианскай итэҕэллэ ылын

Нууччалыы Пройти обряд крещения, обращаясь в христианскую веру

  • Дьон таҥараҕа сүрэхтэммитэ.
  • Кинилэри дьаһаах төлүүртэн үс сыл устата босхолооһун ыытыллыбыта. Харысхал. Саха оҕолоро баран таҥараҕа сүрэхтэммиттэрэ. Кинилэри Иркутскайга үөрэххэ ыытарга ыйаах кэлбитэ.
    П. Филиппов
  • В. Пушкин воеводалыыр кэмигэр (1646-1949 сс.) барыта сүүс уон тоҕус киһи сүрэхтэммитэ
    Чолбон

4 туохтуур #

сүрэхтээ 2 диэнтэн атын. туһ. Сотору Наалтаар сүрэхтэнэн Уйбаан Лааптап диэн буолар. Нууччалардыын эҥэрдэһэн Сайаҕастык улаатар. М. Ефимов

III

5 туохтуур #

Төгүрүк быһыылаах буола, иһиттэн кытаатан улаатан бар (саҥа үүнэн эрэр хаппыыста туһунан)

Нууччалыы Созревать, принимая округлую форму и становясь твёрдым (о кочане капусты)

  • Хаппыыстаны эбии аһаттахха түргэнник үүнэр уонна сүрэхтэнэн барар
    ҮБНьТ

«С» буукуба