Перевод с якутского
сүрэхтээ
туохтуур
Нууччалыы совершать над кем-л. обряд крещения, крестить в церкви
English (religion) to be baptized
1 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ таҥара дьиэтин бары сиэрин-туомун тутуһан христианскай итэҕэллэ иҥэр (хол., оҕоҕо)
Нууччалыы Совершать над кем-л. обряд крещения, крестить в церкви (напр., ребёнка)
Уус-Майа таҥаратын дьиэтиттэн аҕабыт тахсан улахан дьону, кыра оҕолору сүрэхтиир, эдэрдэри бэргэһэлиир үһү. Н. Якутскай Дьокуускай Спасскай манастыыра 1734-41 сыллардаахха түөрт сүүс түөрт уон аҕыс олохтооҕу сүрэхтээбитэ. ХС Оҕону төрүүрүн кытта сотору буолаат, аҕабыт мэлииппэ ааҕа-ааҕа, төбөтүнэн оһуобай иһиттээх ууга уган ыла-ыла сүрэхтиирэ. КВА Б
2 туохтуур #
Кимиэхэ туохха эмэ аатта биэр, аатта иҥэр
Нууччалыы Давать кому-чему-л. имя, прозвище
Бу арыылары билигин туроктар "Кызыл адылар" диэн сүрэхтээбиттэр. Н. Якутскай Дьонум ытык-мааны ыалдьыттарыттан: "Бу оҕону Ким диэн сүрэхтиибит?" – диэн ыйыппыттар. И. Федосеев [Хараабылы] Одессаҕа аҕалан тилиннэрэн, сууйан-сотон "Якутия" диэн сүрэхтээбиттэрэ ДьДьДь
3 этии #
Нууччалыы Крёстный отец (мать)
Этиилэр
Сүрэхтээбит аҕа
аҕабыт оҕону сүрэхтиир сиэригэр-туомугар көмөлөһөн, сүрэхтэммит оҕоҕо иккис духовнай аҕа кэриэтэ буолбут киһи Кинини миигиннээҕэр ытыктыах тустааххын: сүрэхтээбит аҕаҥ буолар.
Сүрэхтээбит аҕам кэриэтэ ытыктыыр, сүгүрүйэр, холобур туттар киһим уола ити баар.
Н. ЛугиновКинилэр ортолоругар сүрэхтээбит аҕам Кынаачай баар этэ. Н. Тарабукин (тылб.)