Перевод с якутского
сүөм
аат тыл
Нууччалыы дюйм
English inch
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы дюйм
English inch
сүөм түс пасть духом, упасть на вершокto lose heart
2 аат тыл #
Уста кээмэйэ: киһи тарбаҕын атыччы баттаан ууннары туттаҕына, эрбэҕин төбөтүттэн сөмүйэтин төбөтүгэр диэри ырааҕа
Нууччалыы Мера длины: пядь (расстояние между концами растянутых большого и указательного пальцев)
Куонаан биир сүөм кэтит хаарыс солко курунан хара билиис болтуону бобо курданан кэбиспит. Н. Неустроев [Арҕаҕы] үрдүнэн тобуларга диэн буолла. Сүөм кэриҥэ сири охсубутум кэннэ көҥдөй буолла. Далан "Атыннык, атыннык!" – диэн хаһыытыы түһээт, кинээс оронун таҥаһын муннуктан биир сүөм сыҕарытан биэрдэ, онтон эмиэ чугаһата аста.
Л. Толстой
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. харыс, суор холото
3 этии #
Нууччалыы Упасть духом, сильно огорчиться, расстроиться (букв. понизиться на пядь)
Этиилэр
Сүөм түс (намтаа)
туохтан эмэ улаханнык туоххаһый, санааҕын түһэр Олохтоохтортон аан аһааччы көстүбэтэ: бары эбэлэрин аһыйан, хомойон-курутуйан, сүөм түспүттэр.
Эмээхсин сүөм намтаан олордоҕуна уола бултаан кэлбит. А. Сыромятникова Оттон баччааҥҥа диэри тугу да билбэтэх Нааста кыыс сүөм намтаан, кулук-халык буолла. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
[Уһун Уйбаан] сирэйэ-хараҕа салбаҕыран, сүөм түһэн, моонньоох-баһын киритэн сир диэки умса көрөн олордо. ХС
Сүөм үрдээ
санааҥ көтөҕүллэн улаханнык эрдийэн кэл.
Воспрянуть духом (букв. повыситься на пядь).
Ити айылааҕы куттаан ыыппыт киһи, кини билигин бэйэтин хараҕар сүөм үрдээн кэллэ. Н. Заболоцкай
Арыт үөрэн, Сүөм үрдээн, Күлүмүрдээн
Оо, доҕорум барахсан, Олус да кэрэҕин.
Түһүлгэҕэ т. Бу түгэҥҥэ кини бэйэтиттэн бэйэтэ сүөм үрдээн, өй-санаа өссө үөһээ кэрдииһин дабайар, дьиҥнээх саҥалыы хараахтардаммытын көрдөрөр. Н. Тобуроков Тэҥн. харыс хаал
4 этии #
Нууччалыы Расстояние между расставленными большим и согнутым указательным пальцами (около тринадцати сантиметров)
Этиилэр
Муҥур сүөм
эрбэҕи көнөтүк, оттон сөмүйэни ортоку сүһүөҕүнэн токутан баран, атыччы туттуллубут кээмэй (уон үс сэнтимиэтир кэриҥэ) Сүөм ордуга муҥур сүөм туоралаах түннүк.
Ср. алт. сөөм, тат. сөям, уйг. сүйэм, ДТС сойэм, монг. сөөм, тув. сөөм, бур. һөөм, эвенк. сум ‘пядь’