Перевод с якутского
сөҥүү
аат тыл
Нууччалыы атмосферные осадки в виде дождя, снега
1 аат тыл #
Сиргэ атмосфераттан түһэр сиик: хаар, самыыр
Нууччалыы Атмосферные осадки в виде дождя, снега
Биһиэхэ сылга ортотунан 170-200 мм эрэ сөҥүү түһэр. П. Егоров [Монголияҕа] сөҥүү үксүн сайынын эрэ түһэр. И. Федосеев Кыһын түспэтэх сөҥүү сааһыгар тутуу былдьаспыттыы саккыраата ХС
2 аат тыл #
Убаҕаска бүтүннүү суураллан хаалбакка эрэ аллара түһэн сөҥөр кытаанах эттиктэр
Нууччалыы Твёрдые частицы в составе жидкости, осаждающиеся на дне или на стенках сосуда, осадок. [Туустаах уу паара көттөҕүнэ] туус сөҥүүтэ сиргэ маҥан хомурах курдук олорон хаалара
Күөл түгэҕэр киин ийэ туой буорун үрдүгэр мунньуллубут сөҥүүлэр бары былыык буолбаттара биллэр. СПА БСТЭА. Сууйарга ылыллыбыт уу, ордук мыылаланар буоллаҕына, сымнаҕас буолуохтаах. Биллэрин курдук, ууга араас сөҥүүлэр үөскүүллэр, онон таҥас тас көрүҥэ буорту буолар, өҥө уларыйар. Дьиэ к
3 этии #
Сөҥүү боруодалара геол. - сир үрүт араҥатын боруодалара (туой, кумах уонна сиртэн хостонор баайдар үгүс өттүлэрэ) Сөҥүү боруодалара араҥалаахтар, быыстардаахтар, кинилэргэ харамайдар уонна үүнээйилэр тобохторо көстөөччүлэр. МНА ФГ. Сөҥүү боруодалара бэрт киэҥ сири бүрүйэн сыталлар. КВА МГ
Нууччалыы Осадочные породы