ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таабыл

аат тыл

Нууччалыы список с какими-л. данными в определённом порядке, табель

1 аат тыл #

Ким, туох эмэ эрэдьиэстэммит дааннайдардаах испииһэгэ

Нууччалыы Список с какими-л. данными в определённом порядке, табель

  • Үлэһиттэр үлэлэрин (ыйга хас күн үлэлээбиттэрин) таабыла.
  • Устинов учуотчук таабылыттан үүт ыамын көрдөрүүлэрин суруйа олордо.
    С. Окоёмов
  • Сибиинньэ көрөөччүлэр кыттыһан үлэлииллэр, хамнастара уопсайдарыгар көрүллэр, ону таабылларын быһыытынан түҥэтиллэр. АВН КХАТО. Бүгүн биригээдэлэр таабылларын сабар, ыйдааҕы отчуоттарын оҥорор күннэрэ
    ХС

2 аат тыл #

Тэрилтэ үлэһиттэрэ үлэҕэ кэлэллэрин-баралларын бэлиэтиир нүөмэрдээх ыйанар тимирдэрдээх дуоска эбэтэр кинигэ

Нууччалыы Доска с жетонами или книга для учета явки на работу и ухода с работы рабочих и служащих

  • Үлэҕэ кэлэргэ, үлэттэн барарга таабыл кинигэтигэр үлэһиттэр илии баттыыллар

3 аат тыл #

Үөрэнээччилэр билиилэрин көрдөрөр лиис

Нууччалыы Листок успеваемости учащихся

  • Наар үчүгэй уонна туйгун сыаналардаах таабыллаах көрсөөрү үөрэҕэр кыһаллара.
    Н. Лугинов
  • Кудайга дьонноро олорор сирдэригэр, бүгүн уруок кэнниттэн таабылын ылаат, хайдах да тиийэргэ сананна.
    В. Миронов
  • Таабылыгар сүгэһэрдэрин ыарырҕаппыттыы нүксүйбүт куруусчуттары өйдөтөр токуруспут үстэрин санаан кыбыһынна
    Ф. Постников

«Т» буукуба