ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таактыка

аат тыл

Нууччалыы наука о ведении боя, тактика боя

1 аат тыл #

Сэриилэһии сатабыла, албаһа; сэриилэһии үөрэҕэ, ускуустубата

Нууччалыы Наука о ведении боя, тактика боя

  • Бүгүҥҥүттэн ыла биһиги бары чаастарбытыгар таактыканы уларытарга.
    И. Гоголев
  • Сэриилэһии хаамыытыгар кыргыһыы таактыката эмиэ уларыйан, ордук тупсаҕай буолан испитэ.
    А. Данилов
  • Бэһис аармыйа ыстаабыгар үлэлии сылдьан кини [М. К. Аммосов] байыаннай дьыаланы уонна байыаннай таактыканы үөрэппитэ.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Таһырдьа атах тыаһа иһиллэр. Ити байыаннай пехотнай училище үөрэнээччилэрэ --таактыканы үөрэтэ бараллар
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Ханнык эмэ соругу ситиһэргэ туттуллар кыах-күүс, албас-ньыма бүтүннүүтэ

Нууччалыы Тактика как совокупность средств, приемов для достижения определенной цели

  • Куудараас [оҕус] таактыкатын уларытта, уҥуоҕунан намыһаҕын туһанар санаа киирдэ быһыылаах.
    Далан
  • Роман [тустуук] таактыкаҕа уонна тиэхиньикэҕэ биир да сыыһа-халты хамсаныыны таһаарбатаҕа. ПАК СБМ. Саахымакка таактыка – саахымат оонньуутун ньымаларынан – пиэскэлэри хамсатан, бөгүүрэлэри барыстаах сиргэ сайыннаран, атастаһан, комбинация оҥорон – стратегическай былааны олоххо киллэрии буолар. В. Панова (тылб.)

«Т» буукуба