ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таарыччы

сыһыат

Нууччалыы попутно

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Оттон Бурхалей буоллаҕына, Бахтайга тойону тириэрдэ таарыччы, бэйэтэ эмиэ биир наадалаах этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Орто Халыма эбэ хаҥыл булдун, үөр хааһын-кубатын туһунан эмиэ дуоһуйа, астына кэпсэтиэхпит, таарыччы эн сүрэххэр күндү Бүлүүгүн үтүө тылынан ахтыахпыт.
    Н. Заболоцкай
  • Күтүр эмээхсин өтөҕүн оннун С. В. Берёзкин диэн аатырбыт сэһэнньит биһиэхэ -- анаан-минээн көрдөрбүтэ уонна таарычы сиһилии кэпсээбитэ. БИГ ӨҮө
    С. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
  • таарыйа

2 #

Сүрүн соруккун, үлэҕин толоро, оҥоро сылдьан, онно тоҕооһуннаран, сөп түбэһиннэрэн

Нууччалыы Одновременно, наряду с чем-л. другим, попутно, заодно

3 #

Ханна эмэ баран иһэн

Нууччалыы Проходя (проезжая) мимо, по пути

  • Бүгүн ол ыалга охсулуннаххына, таарыччы аҕалаар эрэ.
    Р. Кулаковскай
  • Кеша, мин эйигин аҕынным да аҕынным, киэһэ дьиэбэр кэлээр, элбэҕи да элбэҕи кэпсиэм, таарыччы билиэттэ аҕалаар, киинэҕэ барыахпыт, сөп дуо?
    Н. Заболоцкай

4 этии #

Нууччалыы В дополнение к сказанному, кстати сказать, вспомнить

Этиилэр

Суол таарыччыта көр суол таарыйата

  • Витя чааркааныгар чугаһаата. "Кураанаҕа чахчы!" - дии саныыр. Булду мантан көһүппэтэх, көннөрү суолун эрэ таарыччыта буолан иһэр киһилии туттан, аа-дьуо хаамар.
    Н. Заболоцкай
  • Ааһан иһэн, Аһаан, аараан ааһар буолуллуо, суол таарыччытыгар Соруйан тохтоон ааһар буолуллуо.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
  • Таарыччы эттэххэ (аҕыннахха) - сибилигин этиллибиккэ даҕатан (сыһыаннаан, эбэн) кэпсээтэххэ Манна таарыччы эттэххэ, Баһылака икки, Петров икки табаарыстыылар.
    М. Доҕордуурап
  • Таарыччы аҕыннахха, манна [Саха сиригэр] 1980 сылга ыраахтааҕылаах Россия бүтүннүүтэ 1913 сыллааҕы таһымынааҕар икки төгүлтэн ордук элбэх электроэнергия оҥоһуллубута.
    ББ
  • Таарыччы эттэххэ, дьиҥнээх саарбаҕаламмат дьол, мин санаабар, соһуччу, сайыҥҥы күрүлгэн самыыр курдук, биирдэ кутуллан кэлбэт. Ч. Айтматов (тылб.)

«Т» буукуба