Перевод с якутского
таах
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы напрасно, по-напрасну; зря, без пользы
Ис хоһооно · 6
1 сыһыат #
Бостуой, бору-бостуой; туһата суох, халтай (холбоһор тылларыттан тутулуктанан атын араас дэгэттээх буолуон сөп)
Нууччалыы Напрасно, по-напрасну; зря, без пользы (может получить различные оттенки в зависимости от значения сочетающихся слов)
Пётр Иванович ол эрэйэ таах хаалбата, сиэнчэр бөдөҥ табалар кини салайар сопхуоһугар элбээн эрэллэр. Кэлэ-бара икки күнү таах сүтэриэхпит. Амма Аччыгыйа Таах эрэйдэнэҕит – дииллэр оҕонньоттор, -- эн дьону хааларга үлэлэтимэ. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
Ити былыр таах хаалан турар куһаҕан баҕайы маар сир этэ
Күндэ
2 сыһыат #
Көннөрү, мээнэ, мээнэҕэ (наадата, сыала-соруга суох)
Нууччалыы Без особого намерения, просто так, бесцельно. [Чокуурап:] Ити Сарапыана таах сылдьар үһү
Солко Миитэрэй эмиэ таах сылдьар. С. Ефремов Дабыыт үөһэттэн аллара иҥнэри дьоодьоҥнотон илии баттаабытын таах олоруохтааҕар сыныйан одууласта У. Нуолур Үлэ оҥорумтуота таах күннэрдээҕэр уон-уон үс бырыһыан үрдүүр диэн суруйаллар. И. Кычкин
Өссө холобурдар (1)
Киирик таах киһи буолбатах, кини өлөрүгэр киирэн биэрбэтэҕэ буолуо С. Ефремов
3 даҕааһын #
Көҥүл, эрэйэ суох, кэбэҕэстик
Нууччалыы Свободно, запросто, без всяких усилий
Арамаан кинини таах кыайыа. Адьас чыыбырҕаама, таах тыыгын иҥнэри тутан кэбиһиэм. Э. Соколов Көбүөргэ сүрдээх бытаан курдук, наһаа холку тустуук. Наада тирээтэҕинэ, таах тиэрэ хатыйан түһэриэ И. Федосеев
4 даҕааһын #
суолт. Туох да уратыта суох, көннөрү
Нууччалыы Ничем не примечательный, обычный
5 этии #
Нууччалыы Легко, без труда, без усилий
Тааҕы таах кэпс. – улаханнык кыһаллыбакка, ыарырҕаппакка эрэ, эрэйэ суох, аа-дьуо Бу диэки кыһыллар салалыннылар да биһиги ойуурга тоһуйа сытан тааҕы таах тоһурҕаталаан кэбиһиэ этибит. Л. Попов Сарсыарда өттүгэр сорох түргэн холлоох уолаттар куоталлар ээ. Ол гынан баран киэһээҥҥи омурҕан кэнниттэн тааҕы таах мин инникилиибин. ССХУо. Талбыт табаары ыскылаакка ыга симэ сытан ыһа-тоҕо атыылаан эрэйэ суох былааны тааҕы таах куоһара охсон кэбиһэр. "Кыым". Русск. так
6 #
көр даах. Тураах эристиин турулус-тарылыс көрөн, Тумсун ыһыктыбакка эрэ, Таалбахтаан баран, Таҥалайын эрэ хамсатан: "Таах", – диэтэ. Күн Дьирибинэ. Кинилэри [чыычаахтары] быйыл эрэй бөҕөнөн манна кыстаабыт, онон киэбирбит, улаханнык санаммыт хара тураах мөҥөн ааста: таах-таах, таах-таах! Н. Габышев