ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тааҕыр

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы сбиться, спутаться, сваляться

I

1 туохтуур #

Бэйэ-бэйэҕин кытта сыстыс, иилиһин, мөчөхтөс (үксүн түү туһунан)

Нууччалыы Сбиться, спутаться, сваляться (обычно о шерсти животных)

  • Бэргээбит кэмигэр ат дьүдьэйэр, түүтэ-өҥө тааҕырар, аанньа аһаабат, уулаабат буолар. "Кыым". Никита [эһэ] тааҕыран хаалбыт түүтүн тарааҕынан тарыы-тарыы бодьуустаһара, өрүскэ сиэтэн киллэрэн сөтүөлэтэрэ. М. Горькай (тылб.)
II

2 даҕааһын #

Хатыылаах, дороххой, хатырбыт

Нууччалыы Шероховатый, колючий, шершавый

  • Чиэрбэни өрөҕө өттүнэн илиигит иминэн устатын хоту төттөрү-таары бигээн көрүҥ. Оччоҕо чиэрбэ тааҕыр курдук хатыылааҕын билиэххит. ББЕ З. Кыһыл тараах, Кылдьыы харах, Тордуох тумус, -- Тааҕыр тарбах, Бөҕө куолас, Өтөс-мөтөс Бөтүүк бөтөс.
    С. Васильев
  • Синцов иэдэһинэн тааҕыр курдук хаары таарыйаат, окуопа сыҥаһатын нөҥүө түстэ.
    К. Симонов
  • Ср. др. -тюрк. тазҕар ʻпокрываться паршойʼ

«Т» буукуба