ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

табаар

аат тыл

Нууччалыы товары; продукт

English article, commodity, goods, product, wares

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы товары; продукт

English article, commodity, goods, product, wares

  • барымтыа табаар
    ходовой товарtradable goods
  • барбат табаар
    неторгуемые товарыnon-tradable goods

2 аат тыл #

Атыылыырга, атастаһарга анаан оҥоһуллубут мал, атыы-эргиэн мала

Нууччалыы Товар для продажи, обмена

  • Табаар оҥорон таһаарыы. Табаар дьааһыга. Табаары тиэйэн аҕалыы.
  • [Кирилл Романович:] Күннээҕи, нэдиэлэтээҕи, ыйдааҕы ылбыт-биэрбит табаары иннэтигэр тиийэ бэлиэтэнэн, чөмчөтөн истэхпинэ эрэ төбөм эрэйдээх бүтүн хааларыгар тиийэр.
    И. Находкин
  • Бу күннэргэ саҥа табаар тахсан, киһи-сүөһү үгүс, үлэ-хамнас элбэх.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Кумааҕы кэмчититтэн, болоорхой, табаар суута кумааҕыга бэчээттэммит кыракый кинигэттэн ылан, ол ырыаны ыллыырбыт
    ХС

3 аат тыл #

Астан-үөлтэн ураты атыыга-эргиэҥҥэ сылдьар мал

Нууччалыы Промышленные товары

  • Баайаҕа отделениетын киинигэр орто оскуола, -- табаар уонна ас-үөл маҕаһыыннара, бэкээринэ уонна да атын тэрилтэлэр бааллар
    ПДН ТБКЭ

4 аат тыл #

түөлбэ. Сатаҕай (миэтэрэлээх) таҥас

Нууччалыы Ткань. Ампаар үөһээ мэндиэмэнэ барыта арсыынай табаар, чэй, табах этэ. Н. Якутскай. Тоҥус кулубата Торуой уолуттан кыһын аайы табаар, чэй, табах, арыгы, хоруоҥка тиэйэн тахсан тоҥустартан саарба хомуйар эбит. Н. Павлов. [Ньукулай оҕонньор:] Бу табаар суоҕар, бэйэҕит хантан да сатаан табаар булан таҥыннарбаккыт. Күндэ

«Т» буукуба