ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

табаһыт

аат тыл

Нууччалыы оленевод

1 аат тыл #

Табаны иитээччи, көрөөччү

Нууччалыы Оленевод

  • Тоҕус былас суһуохтаах Туллукчаан диэн эбээн кыыһын Былыр күүскэ таптаабыт Быһый саха табаһыт.
    И. Гоголев
  • Мин төрөппүттэрим – төрүт – уус табаһыттар.
    А. Кондратьев
  • Манна тыаҕа олохтоох эр санаалаах булчуттар, табаһыттар уонна сүөһүнү иитээччилэр ахсааннара улам элбээн, тэнийэн барбыта
    И. Данилов

2 аат тыл #

Сүүрүк, быһый; ыстаҥалас

Нууччалыы Резвый; скакун. [Кулун Куллустуур] Хоһоонноох хоспохтоох, Үгэлээх үгэхтээх, Ырыаһыт ыскаамыйалаах, Таабырынньыт лааппылаах, кылыыһыт кытыйалаах, Табаһыт чааскылаах

  • ТТИГ КХКК
    ТТИГ КХКК

3 этии #

Нууччалыы День оленевода (праздник оленеводов)

Этиилэр

Табаһыт күнэ

табаһыттар бырааһынньыктара Күүтүүлээх-көһүтүүлээх, үрдүк үөрүүлээх бырааһынньык – "Табаһыт күнэ" саҕаланаары турар.

  • "ХС"

«Т» буукуба