Перевод с якутского
табыы
аат
Нууччалыы угождение кому-чему-л., сделав что-л. приятное, нужное
этии
Нууччалыы Угождение кому-чему-л., сделав что-л. приятное, нужное
тап диэнтэн хай. аата. Чэ, биһиги, аҕаа, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа. Иннибитин биэрэр биллибэт. Табыы быраап. Сатаан олоруохха эрэ наада. В. Гаврильева Биэс буулдьа биир сиргэ түспүттэр "Фашист" тоҥ сүрэҕин тобулан Дьон бары үөрдүлэр, сөхтүлэр, Туйгуннаах табыыттан дьулайан. Күннүк Уурастыырап Мин алҕаһыым, Табыым барыта Эрбии тииһинии эр-биир бэрсэннэр Сүрдьүгэс устун хаамар оҕо саас Сэрэхтээх оонньуулара эбиттэр. В. Миронов
Этиилэр
Санаатын табыы
киһиэхэ кини баҕарарын, сөбүлүүрүн оҥорон сөбүлэтии, астыннарыы Мин бары кыһаныым, бары санаам биир эрэ туһунан – бэйэм кыылбын минньигэстик, тото аһаттарбын, кини киҥэ холлубатар, -- биирдэ эмэ аһыннар ханнык диэн кэмигэр көрөн кини санаатын табыы эрэ буолара.
М. Горькай (тылб.)