Перевод с якутского
тайҕа
аат тыл
Нууччалыы густой, простирающийся на обширную территорию дикий (безлюдный) лес, тайга
1 аат тыл #
Хойуу, үксэ мутукчалаах мастаах киэҥ сиргэ тайыыр түҥкэтэх тыа
Нууччалыы Густой, простирающийся на обширную территорию дикий (безлюдный) лес, тайга
Кини [Тогойкин] киэҥ тайҕа оҕото, сүрэҕинэн таайан, хараҕынан сабаҕалаан, туһаайбыт тосхолун эндэппэт эбит. Амма Аччыгыйа Кыһынын, кэлбэккэ, Дьиэбиттэн тэйэбин, Тыал, тымныы диэбэккэ, Тыа быыһын кэтэбин, Тайҕанан, хайанан, Тайылҕан дайдынан Эҥсиллэн тиийэбин, Элбэххэ тиксэбин. Күннүк Уурастыырап Биһиги Сахабыт сирэ киэҥ даҕаны: хайдах курдук үтүө сыһыылар, алаастар, өрүстэр баалларый. Уонна маннык түҥкэтэх тайҕа сирдэр А. Фёдоров
2 аат тыл #
Көмүс хостуур бириискэлэр (үксүгэр Бодойбо бириискэтин ааттыыллара)
Нууччалыы Золотые прииски (в основном, Лены и Алдана)
Тайҕа таһаҕасчытын үлэтэ кытаанах үлэ. Амма Аччыгыйа Арай кини тайҕаҕа көмүс сиригэр түһэн хааллын? Н. Заболоцкай Уола бэтэрээ тайҕаҕа ордубут үс аттаах таһаҕаһын үс күнүстээх-түүн оонньоон сүүйтэрэн баран -- үөһээ Тайҕаҕа үлэ көрдөһө бара турбут Н. Түгүнүүрэп
3 этии #
Нууччалыы Преодолевать большие расстояния, иметь широкие связи (об удалых, оборотистых людях старого времени)
Этиилэр
Тайҕа баһын тайан
ыраах сирдэринэн тэлэһийэ сырыт (хорсун, кыахтаах сырыылаах, эргитиилээх-урбатыылаах былыргы дьон туһунан) Үрэх-үрэх баһын үмүрүтэ тардар Үлүскэннээх үптэн, Тайҕа-тайҕа баһын Тайаммахтаан ааһар Талааннаах сырыылан.
[Доҕотторо] хата ханнык эрэ тайҕа баһын тайаннаҕа, таллан таас хайалары дабайдаҕа дииллэрэ буолуо. А. Сыромятникова Аҕалара буоллаҕына үрэх баһын өҥөйбүт, тайҕа баһын тайаммыт киһи эбит. ПЭК ОНЛЯ I. Ср
Өссө холобурдар (1)
алт. тайга ʻгора, покрытая лесомʼ, хак. тайҕа ʻтайгаʼ